Егор Борисов “Саха” НКИК быһа эфиригэр Саха сирин сайдыытыгар тумус тутуллар хайысхаларын туһунан кэпсиэҕэ

Россия бэрэсидьиэнин саҥа Туһаайыы этиитинэн сибээстээн Саха сирин кэлимсэ сайдыытыгар ханнык сыаллар уонна соруктар сүрүн буолуохтарай? Бу туһунан Егор Борисов «Саха» ханаалыгар быһа эфиргэ тахсан кэпсиэҕэ.


Судаарыстыба баһылыга Владимир Путин Уһук Илин сайдыытын стратегиятын быһаарарыгар микрорегиоҥҥа үрдүк сыанабылы биэрдэ. Сайдыы Саха сиригэр эмиэ бэлиэтэнэр.

Бу туһунан уонна Саха сирин олохтоохторун атын ыйытыыларыгар “Саха” НКИК быһа эфиригэр бүгүн, бэнидиэнньиккэ, кулун тутар 12 күнүгэр, 19 ч. 15 мүнүүтэттэн өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Егор Борисов хоруйдуоҕа.

This post was published on 12.03.2018 11:47 11:47