Егор Борисов Россия официальнай делегациятын састаабыгар киирэн Пекиҥҥэ сылдьыбыт кылгас кэмнээх сырыыта түмүктэннэ. Манна үлэ бүтэһик күнүгэр Россия Президенэ Владимир Путин уонна бүтүн Кытайдааҕы норуот бэрэстэбиитэллэрин сис хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Чжан Дэцзяны кытта көрсүһүүтүгэр Егор Борисов кытынна.
Российскай Федерацияттан бу көрсүһүүгэ РФ Президенин дьаһалтатын салайааччы Сергей Иванов, РФ-ҕа омук дойдуларын кытта дьыала миниистирэ Сергей Лавров, РФ бырабыыталыстыбатын вице-премьердара Юрий Трутнев уонна Ольга Голодец, Хабаровскай кыраай губернатора Вячеслав Шпорт сырыттылар.
Владимир Путин буолан ааспыт көрсүһүүгэ Россияҕа Кытайы кытта сибээс инники күөҥҥэ тутулларын ордук бэлиэтээн эттэ. Оттон Чжан Дэцзян омук дойдуларын атын салайааччыларынааҕар РФ Президенэ баһылыыр-көһүлүүр оруолу ыларын уонна КНР бэрэссэдээтэлэ Си Цзиньпин кинилиин сотору-сотору көрсөрүн чиҥэтэн эттэ.
Информация эйгэтин кэҥэтиигэ, норуоттар икки ардыларынааҕы быраабы үрдэтиигэ анаммыт сайабылыанньалары икки дойду салайааччылара эттилэр.
Итини таһынан бэс ыйын 24-25 күннэригэр Пекиҥҥэ Россия, Кытай былааһын уорганнарын уонна предпринимателлэрин икки ардыларыгар кэккэ сөбүлэһиилэр түһэрсиллиннилэр.
Егор Борисов эппитинэн, Пекиҥҥэ үлэ кэмигэр бырабыыталыстыбаталар икки ардыларынааҕы хамыыһыйа Саха сирин үс бырайыагын олоххо киллэрэр бырайыактар ахсааннарыгар ылбыттар. Ити — Өлүөнэни туоруур муостаны тутуу, «Якутия» авиакомпания көтөр аалларын саҥардыы уонна Таежнай баайдаах сири туһаҕа таһаарыы.
Саха сирин салалтата федеральнай былаас уорганнарын уонна Кытайдааҕы коллегаларын кытта күүрүүлээхтик, өрө тахсыылаахтык үлэлээбитин үтүө түмүгэ буоларын Егор Афанасьевич чиҥэтэн эттэ.
«Саха сирэ уонна Кытай 90-с сыллар саҥаларыттан — бииргэ. Хардарыта барыстаах бырайыактары олоххо киллэриигэ биир санаанан үлэлиибит. Мин Россия официальнай делегациятын састаабыгар киирэн, бырабыыталыстыбалар икки ардыларынааҕы хамыыһыйа үлэтигэр кыттыым — Россия уонна Кытай ситимнэригэр Саха сирэ киллэрэр кылаатын сыаналааһын уонна билинии буолар», — диэтэ Борисов.
Ил Дархан Саха сирэ уонна Кытай бииргэ үлэлээһиннэрин инникитэ муҥура суох улаханын этэр.
«Кытайга Саха сирин туһунан сорохтор бэрт дуона суоҕу, атыттар букатын да билбэттэр. Онон, биһиги регион былааһын уорганын уонна компанияларын кытта кимиилээхтик уонна чопчутук-чуолкайдык үлэлиэхтээхпит. Маныаха баар кыаҕы барытын туһаныахтаахпыт», — диэтэ Егор Борисов.
This post was published on 27.06.2016 12:05 12:05