Уопсастыбаннай Норуот фронун бүтүн Россиятааҕы форума буолар сирэ, кэмэ уларыйбыта. От ыйын 1 күнүгэр бу хамсааһыны көҕүлээччилэр этиилэрин Саха сирин баһылыга Егор Борисов өйөөтө.
«Биллэрин курдук, дойду президенэ Владимир Путин кыттыахтаах форума Саха сиригэр буолбакка, балаҕан ыйыгар Иркутскайга көстө. Форумҥа күүскэ бэлэмнэммиккитин билэбин. Иркутскайга буолар форумҥа бэйэбит туруорар соруктарбытын тэҥниэхтээхпит», —диэтэ Егор Борисов.
Уопсастыбаннай фронт исполкомун салайааччыта Валерий Лютай эппитинэн, Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ федеральнай суолталаах ыйытыктары туруорар соруктаахтар. Онно тарыып политиката, доруобуйа харыстабылын реформата, РФ Хайа кодексын оҥоруу, о.д.а. киирэллэр.
«Перекрестнай” диэн ааттанар субсидия суох оҥоһуллуута, идэлээх дьон суоҕуттан ыарахан сыаналаах медицинскэй оборудование туттуллубакка туруута о.д.а. боппуростар бааллар. Оҥорон таһаарыыга идэлээх дьону бэлэмэнээһини Норуот фронун бэрэстэбиитэллэрэ улахан суолталааҕынан ааҕаллар. Ону таһынан үлэни биэрэччилэр үрдүк, орто үөрэхтэргэ үөрэнэр устудьуоннары практикаҕа ылалларын сокуонунан эбээһинэстиир этиилээхтэр.
Биир быраабыланы олохтуур Хайа кодексын оҥоруу бу хамсааһын киллэрэр этиилэригэр сүрүн миэстэни ылар. Сир баайын туһаҕа таһаарааччылар нуорма-быраап сорох аакталарын араастаан уларыталларын норуот фронун бэрэстэбиитэллэрэ этэллэр.
«Биһиги бу хайысхаларынан үлэлиибит. Маныаха сиһилии үлэ наадатынан оробуочай бөлөҕү тэрийэргэ этии киллэрбит. Онно бырабыыталыстыба, тустаах министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр үлэһиттэрэ, көхтөөх дьон, норуот фронун актыбыыстара киирэллэрин көҕүлүүбүт», — диэтэ Егор Борисов.
Ил Дархан мунньах кэмигэр суолу өрөмүөннүүргэ, оскуолалары тутууга, о.д.а тутаах суолталаах боппуруостарга анаммыт сорудахтары биэрдэ.
This post was published on 01.07.2016 15:26 15:26