Егор Борисов: Сөптөөх, дьиҥ-чахчы дьон, норуот туһугар этии киирдэҕинэ ылынабын

Муус устар 12 күнүгэр иһитиннэрэр-көрдөрөр сириэстибэлэр сүрүн эрэдээктэрдэрин кытта үгэс буолбут көрсүһүүтүгэр Ил Дархан Егор Борисов ааспыт өрөбүлгэ буолбут миитин туһунан санаатын үллэһиннэ. Атын да ыйытыктарга киэҥ хоруйу биэрдэ, диэн иhитиннэрэр edersaas.ru.


Миитинтэн сиэттэрэн, Егор Борисов Саха сиригэр дьон-сэргэ санаата уһуктубутуттан астынарын бэлиэтээтэ. Норуот бэйэтин санаатын аһаҕастык этэр, күттүөннээх боппуруостары туруорсар буолла. Ол кырдьык.

Егор Афанасьевич этэринэн, гражданскай уопсастыба уһуктубут. «Ол аата хас да сылы мэлдьи эппит-тыыммыт этиим туолбут, былаас бэйэтин соругун ситэн эрэр”, — диир Ил Дархан. Аҥаардас былаас суос-соҕотоҕун тирээн турар кыһалҕалары быһаара охсоро уустук. Уопсастыба көмөтө ирдэнэр. Кэнники кэмҥэ араас уопсастыбаннай көҕүлээһиннэр элбээбиттэр. Палаталар үлэлииллэр, түөлбэлэр нэһилиэктэргэ үлэ-хамнас бөҕө. Бу уопсастыбаннай тэриллиилэр дьон туһугар үлэлииллэр, араас бэлитиичэскэй сыалы-соругу  сырсыбаттар.

Егор Борисов мэтээл күлүк өрүтүнэн, ити бэлиитикэ инструменнарын (миитиннэри, пикеттэри) кэрэгэй бэлитиичэскэй сыалга туттуохтарын сөбүн ыйда. Хомойуох иһин, миитин резолюциятын суруйбут ааптардар баар балаһыанньаны үчүгэйдик билбэттэр, атын экспердэри кытта дьүүллэспэтэхтэр. Ол иһин сыыһа түмүккэ кэлбиттэр. Баайы-дуолу туһаныы, приватизация барыта өрөспүүбүлүкэ туһатыгар оҥоһуллубута, оҥоһуллуо даҕаны.

Сөптөөх, дьиҥ-чахчы дьон, норуот туһугар этии киирдэҕинэ ылынабын. Сыаналыыбын, ырытабын, толкуйдуубун”, – диэтэ Егор Борисов. Ол эрээри кини, сорох ардыгар саҥарыахха эрэ диэн саҥарар, тус бэйэ эрэ интэриэһин өрө тутар бэлиитиктэргэ эрэммэт, итэҕэйбэт эбит.

Хоруупсуйаны утары охсуһуу туһунан ыйытыыга, Егор Борисов быраабы араҥаччылыыр уорганнар тугу да бычыгыраппаттарын хайҕаата. Буруйдаах сокуонунан эппиэттиэхтээх. Ил Дархан тэрийбит Хоруупсуйаны утары департамент көдьүүстээх үлэтин түмүгэр, сорох дуоһунастаах дьон кэккэ административнай миэрэҕэ тардыллыбыт. Ол аата департамент хоруупсуйа тахсыан сөбүн эрдэттэн билэн-көрөн, улахан буруй тахсыаҕын уодьуганныыр. Бу дьон бэрик ылбыттар диэн буолбакка, дохуоттарын ороскуоттарын көрдөрөллөрүгэр туох эрэ сыыһаны таһаарбыт, туохха эрэ күтүрэммит буолуохтарын сөп.

Сиһилии «Саха сирэ» хаһыат муус устар 19 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ.

This post was published on 12.04.2017 17:30 17:30