Егор Борисов миграннарга туһааннаах ыйааҕы таһаарда

Ил Дархан Егор Борисов үлэ ырыынагын сорох эйгэлэригэр аналлаах, кэтэһиилээх-күүтүүлээх ыйаахха илии баттаан, аны миграннар үлэ ырыынагыттан үтүрүллүөхтэрэ.

Егор Борисов  национальнай үлэ ырыынагын араҥаччылыыр уонна үлэтэ суох ахсаанын аҕыйатар сыалтан, миграннарга туһааннаах ыйааҕы таһаарда. Инньэ гынан, үөрэҕирии, доруобуйа харыстабылын, тырааныспар, атыы-эргиэн, балыктааһын, оҕуруот аһылыгын олордуу, хамсаабат баай-дуол атыытын салаатыгар омуктар үлэлииллэрэ бобулунна.

«Саха сиригэр омук сириттэн кэлэн үлэлиир мигрант ахсаана аҕыйаатаҕына, олохтоохтор үлэнэн хааччыллыа этилэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр үлэлии кэлэр омуктар патеннара төһө эмэ сыаналаах. Ол да буоллар, экэниэмикэ үгүс салаалара күүскэ сайда туралларынан, үлэни биэрээччилэр кыра хамнаска омуктары аҕалан үлэлэтэллэр», – диэн Егор Афанасьевич egorborisov.ru сайтыгар суруйар.

Сорох омуктар ыйаахха хапсыбатылар

Хас да сыллааҕыта биһиги хаһыаппытыгар суруналыыс Александр Тарасов «Кавказ уола ынах ыыр, кытай этэрбэс тигэр» диэн ыстатыйата тахсыбытын, өрөспүүбүлүкэ үгүс олохтоохторо сэҥээрэн, бэл, интэриниэт-форумнарга улахан мөккүөрү тахсыбыта. Бу баар чахчы этэ. Бэйэбит дьоммут хотонтон тэйэн, сүөһүбүтүн кэлии омук дьонугар көрдөрөр буоллубут.

Омук киһитэ соҕотохтуу кэлбэт. Наар батыһыннарыылаах буолар. Холобур, биир киһи кэлээтин кытары, убайдара-бырааттара, эдьиийдэрэ дэнээччилэр бүтүн дьиэ кэргэнинэн көһөн кэлэллэр. Ол халыҥ аймахтар тырааныспар, тутуу, атыы-эргиэн, уопсастыбаннай аһылык салаатын баһылаатылар диэтэхпитинэ, алҕаһаабаппыт буолуо. Онон миграннар экэниэмиэкэ бары салааларыгар кимэн киирэн иһэллэр.

Ааспыкка дьүөгэм удамыр сыанаҕа сирэйин кырааскалатаары уонна баттаҕын оҥортороору Якт.ру сайтка тахсар биллэриинэн биир аадырыска тиийбитэ, киргизкэ кыыс визажистыы олорор үһү. Дьүөгэм соһуйан өлө сыспыт (!!!). Бастаан сахалар диэн бэйэтин тылынан кэпсэтэ сатаабытын, биир да тылы сахалыы билбэтиттэн соһуйбут. Ити киргизкэ кыыс туһунан холобуру мээнэҕэ аҕалбатым. Икки хас сыллааҕыта, Киргизия Евразийскай экономическай сойууска холбоһон, миграционнай сокуоҥҥа уларыйыылар киирэн, киргизтэр Россияҕа үлэлии кэлэллэригэр анал патент ирдэниллибэт.

Евразийскай экономическай сойууска холбоспут судаарыстыбалар Россияҕа хаһан баҕарар кэлэр-барар бырааптаахтар. 2016 сыллаахха Саха сиригэр 8195 Киргизия, 5717 Армения, 1335Казахстан, 570 Белоруссия олохтооҕо баар этэ. Евразийскай экономическэй сойууска баар судаарыстыбалар гражданнара бу ыйаахха хабыллыбаттар. Холобур, киргизтэр «гастарбайтер» статуһун ылбат буолбуттара быданнаата.

 Сыыппара

Миграннарга квота ахсаана төһө эмит аҕыйаабыта эрээри, Кулаковскай «Интеллигенцияҕа суругар» эппитинии, кэлээччи ахсаана син биир уҕараабат. Сорохтор олох даҕаны миграционнай учуокка хабыллыбакка, саһа сылдьан үлэлииллэр.

2014 сыллаахха Саха сиригэр 78067 омук гражданина учуокка турбута. Оттон 2015 сыллаахха 39438 уонна былырыын 38093 омук аан бастакытын миграционнай учуокка хабыллыбыта. Ордук элбэх мигрант Сэбиэскэй Сойуус урукку өрөспүүбүлүкэлэриттэн кэлэр. 2015 сылтан саҕалаан өрөспүүбүлүкэҕэ атыы-эргиэн, таһаҕаһы уонна пассажирдары тиэйии, уопсастыбаннай аһылык салааларыгар миграннар ахсааннара элбээбит. Билигин Россия таһыттан өрөспүүбүлүкэҕэ кэлээччилэртэн 24,0%-нын Кыргызстан, 25,8%-нын Таджикистан, 18,0%-нын Узбекистан олохтоохторо ылаллар. 2016 сылга үлэни биэрээччилэр 13678 миграны кытары үлэ дуогабарын түһэрсибиттэрэ.

Патент сыаната – 8762 солкуобай

Хас даҕаны сылтан бэттэх, миграннар Россияҕа кэлэн үлэлииллэригэр, олохсуйалларыгар кытаанах ирдэбиллэр туруоруллубуттара. Омуктар эксээмэн туттаралларын таһынан, өссө патеннарын сыаната үрдээбитэ. Билигин патент 8762 солкуобайынан быһыллан, ый ахсын бачча суума харчыны хамнастарыттан төлүүллэр. Онон дойду бүддьүөтүгэр аҕыйаҕа суох үп-харчы киирэ турар.

Ыйаах олоххо киирдэҕинэ

Тастан кэлбит «үлэһит күүстэр» үлэ ырыынагыттан олохтоохтору үтүрүйэр буолбуттара сымыйа буолбатах. Үгүс өттүгэр үлэнэн хааччыйааччылар олохтоохтору үлэлэтэллэрин оннугар, «чэпчэки» сыаналаах үлэһиттэри өрөспүүбүлүкэ таһыттан аҕалаллар. Кинилэр вахтовай ньыманан кэлэн үлэлиир сирдэригэр олорон ханна да халбарыйбакка хастыы да ый устата үлэлииллэр. Онон үлэ ырыынагар балаһыанньа кытаатта. 2014 сылтан Үлэлээх буолуу киинигэр учуокка суоппардар, асчыттар, атыыһыттар тураллар. Хомойуох иһин, атыы-эргиэн кииннэригэр, ырыынактарга, маршрутнай оптуобустарга, остолобуойдарга, эрэстэрээннэргэ үгүс өттүгэр кэлии дьон үлэлииллэр.

СӨ Үлэлээх буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтин исписэлиистэрэ Ил Дархан таһаарбыт ыйааҕа патенынан кэлэн үлэлиир миграннарга ордук охсуулаах буолуоҕун этэллэр. Холобур, узбектар патенынан кэлэллэр. Бу дьонтон үгүстэрэ Дьокуускай куоракка тырааныспар уонна атыы-эргиэн салаатыгар үлэлииллэр.

Ыйаах саамай тоҕоостоох кэмҥэ таҕыста. Ол эрээри, миграннар саҥа усулуобуйаҕа сөп түбэһэр суолларын тобулуохтарын сөп. Бэйэбит олохтоох дьоммут кэлии омук атыыһыттарыга «помогайканан» киирэллэрэ чахчы. Кытай урбаанньыттарыгар олохтоохтор «помогайканан» үлэлээн, айахтарын ииттинэн олороллор. Үгүс өттө кыһалҕаттан маннык үлэҕэ барар.

Ыйаах олоххо киирдэҕинэ, олохтоохтор үлэнэн хааччыллан, үлэ ырыынагар үөскээбит быһыы-майгы көнөн барыаҕа диэн экспертэр сабаҕалыыллар. Үлэни биэрээччилэр атын суолу тобулан, чэпчэки сыаналаах үлэһит өҥөтүнэн туһаныахтарын сөп. Биитэр саһа сылдьан үлэлээччилэр ахсааннара элбиир дуу… Оттон үлэни биэрээччилэр омуктары үлэнэн хааччыйар түбэлтэлэригэр, 800 тыһ. солкуобайтан саҕалаан 1 мөл. солкуобайга диэри ыстарааптаныахтарын сөп.

edersaas.ru

This post was published on 06.04.2017 10:11 10:11