Бу күннэргэ Владивосток куоракка буолбут Илиҥҥи экономическэй иккис форумҥа «Колмар» компания уонна Саха сирин холбоһуктаах бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Саха сирин баһылга Егор Борисов уонна компания генеральнай дириэктэрэ Сергей Цивилев символ быһыытынан оҥоһуллубут чохтоох бастакы вагону Японияҕа ыыттылар.
«Россия таһымыгар Саха сирэ инвестиционнай бырайыактары көхтөөхтүк уонна көдьүүстээхтик киллэрэр. Кэлиҥҥи сылларга Саха сирин экономикатыгар инвестиция быһыытынан элбэх үбү-харчыны уктубут. Ол аата, көҕүлээһиннэр өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар ыытыллаллар. Судаарыстыба уонна чааһынай хардарыта бииргэ үлэлээһин үтүө холобурунан “Колмар” чоҕу хостооһуҥҥа бырайыага буолар», — диир Ил Дархан.
Аан дойду ырыынагар улахан наадалаах Саха сирин соҕуруу өттүгэр хостонор чох саппааһа 49 млрд тахса тонна. Баайдаах сири туһаҕа таһаарыыны РФ бырабыыталыстыбата өйөөбүтэ. Ол иһигэр «Колмар» компанияны. Билигин Инаглинскайдааҕы баайдаах сиргэ диэри тимир суол тиийдэ, электроэниэргийэ чэрчитин тардыы түмүктэнэн эрэр.
«Бырайыак инфраструктуратын хааччыйыыга 3-тэн тахса млрд.солк. ыытылынна. Ити суотугар «Колмар» сайдар кыахтанна. Урукку өттүгэр компания сылга 50 тыһ.тонна чоҕу хостуур эбит буоллаҕына, билигин ити көрдөрүү 4 мөл.тоннаҕа диэри тиийдэ. Оҥорон таһаарыы таһыма үрдүү турар», — диэтэ Егор Борисов.
«Колмар» компания генеральнай дириэктэрэ Сергей Цивилев Саха сирин соҕуруу өттүн ханна да суох сиринэн ааттыыр. «Манна баар элбэх баайдаах сири туһаҕа таһаарыахха наада. Федеральнай киин уонна Саха сирин өйөбүллэрэ суох урукку өттүгэр ити кыаллыбат этэ. Мин Егор Афанасьевичка өйөбүл иһин махталым муҥура суох улахан. Биһиги хардарыта дьайсыылаах үлэбит үтүө түмүктээх буолуоҕар бүк итэҕэйэбин. Кырдьык, сайдыыбыт тэтимэ биһигини кытта үлэлиир дьону сөхтөрөр», — диир кини.
Инаглинскайдааҕы баайдаах сиргэ бүгүн фабрика үлэтин саҕалаата, чох бастакы тонналара Японияҕа бараллар.
This post was published on 05.09.2016 11:01 11:01