Егор Борисов: "Кэбээйи" суолун тутуутун түргэтэтэргэ

Ил Дархан Егор Борисов кулун тутар 26 күнүгэр Кэбээйи улууһугар бара сырытта. Нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүтүгэр «Кэбээйи» суолун боппуруоһа эмиэ туруорулунна.


176 км уһуннаах «Кэбээйи» суол оройуон сайдыытын кэскилэ буолуохтаах. Ол эрэн суол тутуутун бырайыага «уһун кутуруктаммыт». Олохтоох кырдьыҕастар өссө 1959 сыллаахха суол тутуутун саамай инники күөҥҥэ таһаарыыга этиллибит ыра санаа олохтоох дьаһалтанан, нэһилиэнньэнэн өйөммөтөҕүн санатыстылар.

Оттон бүгүн кэбээйилэр суол хайаан да наадатын өйдүүллэр, туруорсаллар. Төһө да ыарахаттар баалларын иһин, үлэ миэстэтигэр турбат, кыра кыралаан иннин диэки сыҕарыйар. Туһааннаах хайысханан кэнники 20 сылга 40 км суол  тэлгэннэ. Өрөспүүбүлүкэ былааһа бу суол тутуутун инникилээх былааннарга киллэрбитэ. Сыаната — 2 млрд.солк. Билигин бырайыактыыр-сметалыыр докумуона толору бэлэм, хас да учаастакка үлэ барар.

«Сылын аайы суол тутуутугар уопсайа 20 млрд.солк. көрөбүт. «Бүлүү, «Лена» федеральнай трассаҕа күүстээх, тохтоло суох үлэ ыытыллар, Өймөкөөн хайысхатынан кутталлаах быһа охсуулары суох оҥордубут. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах суоллар эмиэ болҕомтоҕо ылыллаллар», — диэн туран Егор Борисов бырабыыталыстыбаҕа «Кэбээйи» суолун тутуутун түргэтэтэргэ сорудахтаата.

Кэбээйи олохтоохторо 2017 сылга Олоҥхо ыһыаҕын уонна 2018 сылга «Манчаары Оонньууларын» Кэбээйигэ ыытары этиннилэр. «Ити биһиэхэ эбии стимул буолуо этэ. Эппиэтинэһи өйдөөн туран, биир сыалы ситиһэргэ түмсүө этибит«, — диэтилэр олохтоохтор.

Егор Борисов ити этиини сэргии иһиттэ. «Маннык култуурнай уонна спортивнай тэрээһиннэр суолталарын өйдүүргүтүн үөрэ истэбин. Чахчы тыа сирин инфраструктуратын саҥардыыга, саҥа тутуулары киллэриигэ туһата элбэх. Төһө да ыарахаттар баалларын үрдүнэн, биһиги дьону түмэр улахан бырайыактартан аккаастанар санаабыт суох. Онон санаммыт буоллаххытына куонкуруска кыттар докумуоҥҥутун бэлэмнээҥ», — диэтэ.

This post was published on 28.03.2016 10:38 10:38