Егор Борисов федералларга авиация боппуруостарын көтөхтө

Ил Дархан Егор Борисов бу күннэргэ Москваҕа Уһук Илин уонна Байкал регионнарын социальнай-экономическэй сайдыыларын боппуруостарыгар тэриллибит РФ бырабыыталыстыбатын анал хамыыһыйатын мунньаҕар кыттан, авиация боппуруостарын туруоруста.


Мунньаҕы премьер-миниистир Дмитрий Медведев иилээн-саҕалаан ыытта. Кини бэлиэтииринэн, регионнарга тырааныспар боппуруоһа (чуолаан авиация) инники күөҥҥэ турар кыһалҕалартан биирдэстэрэ. Ол иһин бу тиэмэни нэдиэлэтээҕи мунньахтарыгар ойуччу тутан ырыттылар.

Уһук Илин регионнар ааттарыттан сүрүн дакылааты Ил Дархан Егор Борисов оҥордо. Егор Афанасьевич авиапортары саҥардыы, авиахампаанньалар пааркаларын хаҥатыы, салгын тырааныспарынан айанныырга көрүллэр субсидия курдук сытыы боппуруостары көтөхтө. Кини Саха сирин эрэ буолбакка, Уһук Илин регионнарын барыларын хабан ырытта. Онон бэрт киэҥ ис хоһоонноох дакылааты оҥордо, тирээн турар кыһалҕалары быһаарыыга туһааннаах этиилэри киллэрдэ.

Аэропортар тутуулара

Бастатан туран, аэропортары саҥардыыга санаатын эттэ. Билигин тырааныспар эйгэтин сайыннарыы икки улахан федеральнай тус сыаллаах бырагыраамаларга тирэҕирэр. Биирэ – “2018 с. диэри Уһук Илин уонна Байкал регионнарын социальнай-экономическэй сайдыыта”, иккиһэ – “Россия тырааныспарын систиэмэтин сайыннарыы”. Бу бырагыраамаларынан аэропортары саҥардыыга барыта 106 млрд. солк. көрүллүөхтээҕэ. Ол эрээри мантан 64,9 млрд солк. быһыллан хаалан, кыайан үбүлэммэккэ турар. Билиҥҥитэ, бу бырагырааманан үс эрэ куоракка, Амурдааҕы Николаевскайга, Соҕуруу Сахалинскайга, Камчаткатааҕы Петропавловскайга, аэропортар тутулуннулар. Маны таһынан өссө 13 аэропорт саҥардылла сылдьар. Егор Афанасьевич итини бэлиэтээн туран, бырагыраамалар толору үлэлииллэригэр быһыллыбыт харчыны ситэрэн биэрэргэ эттэ. Оччотугар ити үөһэ этиллибит судаарыстыбаннай бырагырааманан эбии 40 аэропорт саҥардыллыахтаах. Ити иһигэр “Хоту дойду аэропортара” хампаанньа Уһук Илин регионнарга баар 15 аэропорда тутуллуохтаахтар.

Биһиги бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитигэр кэллэххэ, билиҥҥи туругунан, тоҕус улууска, Ленскэйгэ, Сунтаарга, Алдаҥҥа, Муомаҕа, Усуйаанаҕа, Анаабырга, Уус Майаҕа, Дьааҥыга, Өлөөҥҥө, аэропортары саҥардыыга 1,5 млрд солк. наада. Манна даҕатан, Егор Борисов кыра аэропортары тутууга нуорманы, ирдэбили арыый сымнатарга эттэ. Ити бииринэн, кыра аэропортар улахан куорат аэропортарын кытары тэҥҥэ тутуллаллара кыаллыбатын кытары сибээстээх. Иккиһинэн, сорох ирдэбиллэри сымнаттахха, ботуччу соҕус сууманы кэмчилээн, биир-икки эбийиэгинэн эрэ хааччахтаммакка, көрүллүбүт үбүнэн элбэҕи оҥоруохха, тутуохха сөп.

Сөмөлүөтү, бөртөлүөтү саҥардыы

Иккис улахан кыһалҕабытынан эргэрбит сөмөлүөттэрбит уонна бөртөлүөттэрбит буолаллар. Билэргит курдук, билигин үгүс авиахампаанньа Сэбиэскэй Сойуустан илдьэ хаалбыт сөмөлүөттэрин, бөртөлүөттэрин көтүтэ сылдьар. Ити ордук олохтоох хампаанньаларга сыһыаннаах.

Онон Егор Афанасьевич итини бэлиэтээн туран, Уһук Илин регионнарга 2025 сылга диэри барыта 30 млрд солк. тахса суумаҕа 74 сөмөлүөт, 48 бөртөлүөт уларыйыан наадатын эттэ. Итиннэ кини ордук “АН-24”, “АН-2” тииптээх сөмөлүөттэри саҥардыыга уонна аҕыйах миэстэлээх, ол гынан баран таһаҕаһы таһыыга көдьүүстээх сөмөлүөттэр ахсааннарын хаҥатыыга болҕомтотун уурда. Тоҕо диэтэргин, тыа сирин аэропортарыгар бары ирдэбилгэ эппиэттиир анал сир суоҕунан, атын омук сөмөлүөттэрэ кыайан түспэттэр.

Ону таһынан авиахампаанньалар пааркаларын улаатыннаралларыгар (чуолаан, бөртөлүөттэрин саҥардалларыгар) лизинг ньыматынан кирэдьиит ылалларыгар субсидия көрөргө эттэ. Биһиэхэ бу боппуруос олус сытыытык турар. Үгүс нэһилиэнньэлээх пууннарбытыгар бөртөлүөттэр эрэ көтөр кыахтаахтар. Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, Уһук Илин регионнарга барыта 46 бөртөлүөт наада.
Кэлиҥҥи кэмҥэ салгын тырааныспарынан туһаныыбыт элбии турар. Аҥаардас бу сыл түмүгүнэн, Уһук Илин регионнар олохтоохторо салгын тырааныспарынан туһаныылара, быһа холуйан, 29 % үрдүүр чинчилээх. Онон аэропортары, авиапаарканы саҥардыы кэм ирдэбилэ буолла.

Билиэт сыаната

Үсүһүнэн, Егор Борисов тарыып боппуруоһун таарыйда. Манна биһиги федеральнай хааһынаттан субсидия ылан олорорбутун этэн аһарар тоҕоостоох. Уһук Илин регионнарга ааспыт сылга салгын тырааныспарынан айанныырга көрүллэр субсидия 4,3 млрд солк. тэҥнэспитэ. Оттон быйыл бу хайысхаҕа 3,8 млрд солк. көрүллүбүтэ.
Ол эрээри суола-ииһэ суох, киин сиртэн ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга сөптөөх аэропорт суоҕунан, сөмөлүөт баҕарбыт да иһин кыайан көппөт. Билигин Уһук Илин регионнарга барыта 109 нэһилиэнньэлээх пууннарга субсидияламмыт хайысха олохтоммут буоллаҕына, уон сэттэтигэр эрэ салгын тырааныспардара сылдьаллар. Ол иһин Егор Борисов киин сиртэн ыраах, суола-ииһэ суох нэһилиэнньэлээх пууннарга сырыы-айан баар буолуутун хааччыйыыга (манна ордук бөртөлүөтүнэн сырыыны эттэ) биир ситимнээх механизм наадатын бэлиэтээтэ. Ону сэргэ кырыы сытар нэһилиэнньэлээх пууннартан улахан куораттарга көтөргө субсидияны, элбэх оҕолоох ыаллар атын куораттарга көтөллөрүгэр эмиэ субсидия көрүллэрин туруоруста.
Егор Борисов түмүккэ Уһук Илин регионнарга суол-иис боппуруоһа олус сытыытык турарынан, РФ тырааныспарын стратегиятыгар бу регионнарга туһуламмыт туспа түһүмэх киириэн наадатын эттэ.

This post was published on 30.11.2017 09:25 09:25