10 Балаҕан ыйа 10.09
  • 10°
  • $ 90,39
  • 99,91

Егор Борисов: Эргэ дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагыраамата көдьүүстээҕин көрдөрдө

15:11, 10 августа 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр олорор дьиэ фондатын 15% хаарбах, саахалланар кутталлаах дьиэлэр ылаллар. Маны туоратарга 131 млрд.тахса солк. наада. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Егор Борисов «Саха» НКИК ханаалыгар дьон олорор усулуобуйатын тупсарыы туһунан кэпсээтэ.


«2012 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан бэлиэтэммит эргэ дьиэлэртэн дьону көһөрүү бүгүн бара турар. Ити 490 тыһ.кв.м.

Урукку өттүгэр маннык дьиэлэртэн биир үксүн Дьокуускай олохтоохторун көһөртүүр эбит буоллахпытына, федеральнай бырагыраама чэрчитинэн көһөрүү үлэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ бүтүннүүтүгэр ыытыллар», —диэтэ Егор Борисов.

Төһө да бырагырааманы олоххо киллэрии былаан быһыытынан ыытыллыбытын иһин, сорох улуустарга кэккэ ыарахаттар үөскээбиттэр. Ол курдук, Өлүөхүмэҕэ, Уус Маайаҕа уонна Дьокуускайга кыһалҕа ордук сытыырхайан турар. Бу барыта былаас уорганын ураты хонтуруолугар тутуллар.

«ДьКХ эйгэтин реформалааһын фондатын нөҥүө федеральнай бюджеттан үп-харчы көрүллэр. Дьону эргэ дьиэлэртэн көһөрүүнү тэҥэ эниэргийэни кэмчилиир дьиэлэри тутуу бэлиитикэтин ыытабыт. Бырагыраама Алтаайга уона Саха сиригэр эрэ үлэлиир. Ону таһынан фонда көмөтүнэн ДьКХ комплексын тупсарабыт, саҥардабыт. Быйылгыттан ыла федеральнай киинтэн үп-харчы ылабыт. Кэлиҥҥи сылларга уопсайа 20 млрд.солк. бу сыалга тутуннубут, итинтэн баһыйар үксэ өрөспүүбүлүкэ үбэ-харчыта», —диэтэ Борисов.

«2017 сылга бырагыраама үлэлээн бүтэр. Ол иһин, Татарстан баһылыгын уонна Липецкэй уобалас губернаторын кытта бырагырааманы уһатар туһунан этиини дойду президенигэр киллэрдибит. Бу дьаһал көдьүүстээҕин көрдөрдө, дьоҥҥо олус наадалаах. Онон, салгыы салҕанан барыа диэн эрэнэбит», — диир Ил Дархан.

Егор Афанасьевич 600 тыһ.кв.м иэннээх дьиэ тутуллуохтааҕын санатта. Биэс сыллааҕыта бу көрдөрүү икки төгүл аҕыйах этэ. 2022 сылга 900 кв.м. диэри улаатыннарар сорук турар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА