Егор Борисов: Дьадаҥы дьон аҕыйах буолуохтаах

Дьадайыыны утары охсуһуу биир көдьүүстээх ньыматынан, социальнай өйөбүлү таһынан, олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы буолар диэн Ил Дархан Егор Борисов эттэ, диэн иhитиннэрэр edersaas.ru.

Саха сиригэр хамнас алын кээмэйэ — тиийинэн олоруу алын кээмэйин кытары тэҥ кэриэтэ. Онон Арассыыйаҕа бу маннык көрдөрүүлээх соҕотох регион. 2016 сыл бүтэһигэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ ортотунан 16 087 солк. тэҥнэспитэ. Оттон хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) от ыйын 1 күнүттэн 9,3% үрдээн, 16 824 солк. буолбута. Бу федеральнай кээмэйтэн 2,2 төгүл үрдүк. Ол да буоллар, нэһилиэнньэ 18 %-на тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах. Ааспыт сылга дьон олоҕун таһыма намтаабыта: биир киһиэхэ тиксэр дохуот үрдээһинэ (105,2%) сыана үрдүүрүн (107,8%) сиппэтэҕэ.

Ону учуоттаан, 2016 сылга социальнай көмүскэлгэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 13 млрд солк. ороскуоттаммыта.

Биллэн турар, социальнай көмүскэл бүддьүөккэ улахан ноҕуруускалаах. Ол гынан баран, биһиги, дьону көмүскүүр сыалтан, социальнай эбэһээтэлистибэлэри толорууну инники күөҥҥэ тутабыт, тутуохпут даҕаны. Атын суол суох, — диэн Егор Афанасьевич этэр. – Тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаахтар кыаммат, дьадаҥы дьон ахсааныгар киирэллэр. Үксүлэрэ – кырдьаҕастар, кыамматтар, оҕолор. Кинилэр социальнай көмөҕө наадыйаллар. Маннык балаһыанньаҕа араас биричиинэнэн түбэһэллэр. Судаарыстыба өттүттэн ол биричиинэлэри суох гынарга, дьоһун көмөнү оҥорорго үлэлиир бэлиитикэни саҕалаатыбыт”.

Нэһилиэк дьаһалтатын оруола

Көмөҕө дьиҥнээхтик наадыйар дьону булан испииһэктээһин уонна көмөнү оҥоруу боломуочуйаларын нэһилиэктэргэ бэйэлэригэр биэрдилэр. Бу үлэ хайыы-үйэ саҕаланан, испииһэктэр оҥоһуллаллар. Санатар буоллахха, бу испииһэккэ киирбит эрэ дьон араас чэпчэтиилэри, төлөбүрдэри, босуобуйалары ылыахтара.

Ону тэҥэ, социальнай көмөнү оҥорууга тустаах министиэристибэ эрэ буолбакка, Тыа хаһаайыстыбатын, Тутуу уонна архитектура, Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын министиэристибэлэрэ уонна Дьарыктаах буолуу кэмитиэтэ эмиэ кыттыһыахтара. Бу туһунан анал уураах тахсыахтаах. Билиҥҥи кэмҥэ улуустарга уонна тустаах биэдэмэстибэлэргэ бэлэмнэнии, тэрээһин үлэлэрэ бара тураллар.

Кэлэр сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр кыра дохуоттаах дьоҥҥо көмө ороскуота улаатыаҕа. Ол эбэтэр, көрүллэр харчы суумата улаатар. Быйыл кыһалҕа быһаарыллыбатаҕына да, эһиилгиттэн күттүөннээх көмө акылаата оҥоһуллуо. Ону тэҥэ нэһилиэктэр баһылыктарыгар эппиэтинэс эмиэ улаатар.

“Нэһилиэнньэ туох-хайдах көмөнү ылыахтааҕын үчүгэйдик билбэт. Социальнай көмүскэлгэ эрэ буолбакка, дьарыктаах буолууга, тыа хаһаайыстыбатыгар, предпринимательство эйгэтигэр көмө механизмнара бааллар. Хас биирдии кэриэтэ ыалга киирэн, быһаарыы, өйдөтүү үлэтин күүскэ ыытыахтааххыт”, — диэн Ил Дархан баһылыктары сэмэлээтэ.

Хаһаайыстыбаны сайыннарарга – 150 тыһ. солк.

Кыаммат ыал туох көмөнү ылыан сөбүй? Кимнээх уонна хайдах кинилэргэ көмөлөһөллөрүй?

Бастатан туран, Дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтэ үлэтэ суох дьоҥҥо көмөлөһөр миэрэлэри ылыныахтаах. Холобур, төлөнөр уопсастыбаннай үлэ, быстах кэмҥэ үлэнэн хааччыйыы, босхо идэ ылалларыгар көмөлөһүү, о.д.а. буолуон сөп. Манна Егор Борисов өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлии кэлэр миграннар ахсааннарын аҕыйатар туһунан соторутааҕыта таһаарбыт ыйааҕа эмиэ төһүү буолуон сөп.

Иккиһинэн, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бүддьүөтүттэн 100 мөл. солк. көрөн, тыа сиригэр олорор кыаммат ыаллар сүөһүлэнэллэригэр, дьоҕус хаһаайыстыба тэринэллэригэр, отону, үүнээйини хомуйан дохуоттаналларыгар, о.д.а. туһаайарга сорудахтаата. Сыл аайы бу көмө (биирдии мөлүйүөн солк.) 100 нэһилиэккэ бэриллиэҕэ.
Тыа хаһаайыстыбатын, ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ билигин «Тыа хаһаайыстыбатыгар нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун тэрийии былаана” диэн бырайыак оҥоро сылдьар. Манна этиллэринэн, кыаммат ыал хаһаайыстыба тэринэригэр 150 тыһ. солк. диэри ылыан сөп. Урут судаарыстыбаннай көмөнү, субсидияны ылан туһаммыттарга бэриллибэт.

Ыал бу сибсидияны ылан сүөһүнү, көтөрү, сылгыны, сибиинньэни, хоруолугу, үүнээйи сиэмэтин, арассаадатын, инкубаторы атыылаһыан, хотон, тэпилииссэ, уйа тутарга о.д.а. туттуон сөп. Бу матырыйаалларын, кыылларын тиэйэригэр, тиэхиньикэ сапчааһын ыларга, ону тэҥэ мүөттээх тигээйилэри иитэргэ, отону, эмтээх үүнээйини хомуйан, харчы оҥосторго эмиэ туһанар.

Үсүһүнэн, Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын, энергетика министиэристибэтигэр Нэһилиэнньэлээх пууннары тупсаран оҥоруу үс сыллаах былаанын үбүлээһин хаамыытын уларытарга сорудах бэрилиннэ. Оччотугар нэһилиэктэргэ кыаммат ыаллар дьиэлэрин, уһаайбаларын тупсаран оҥороллоругар үп көрүллүөхтээх.

Төрдүһүнэн, билигин үлэлии турар социальнай хантараак систиэмэтэ көдьүүстээҕэ билиннэ. Онон бу хайысханан үлэ салҕаныа.

Кимнээх ылыахтарай?

Социальнай көмө дьиҥнээхтик наадыйар дьоҥҥо эрэ бэриллиэхтээх. Манна кимнээх киирэллэрий? Тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах дьон бары киирэллэр дуу, атыннык ааҕыллар дуу?

Бастатан туран, үлэтэ суох, олох кыра дохуоттаах ыал учуоттанар. Холобур, үс оҕолоох ыал элбэх оҕолоохторго киирсэр. Икки оннук ыалы ылан көрүөҕүҥ. Биир ыал ыйдааҕы дохуота 70 тыһ. солк., иккис ыал дохуота – 30 тыһ. солк. Манна бастаан иккис ыалга көмө оҥоһуллара биллэн турар. Ону тэҥэ үлэлээбэт, иһэр-аһыыр ыаллар эмиэ бааллар. Кинилэргэ көмө оҥоһуллар эрээри, олохтоох дьаһалта хайдах туһаналларын хонтуруоллуохтаах.

Көмөҕө кимнээх наадыйалларын быһаарарга, Бүлүү улууһун Чернышевскай нэһилиэгэр уонна Нам улууһун Партизаныгар пилотнай бырайыактары үлэлэппиттэрэ. Бырайыак түмүгүнэн, дьон ыарахан балаһыанньаҕа киириилэрин төрүөтүнэн үлэ суоҕа, хаһаайыстыба кыра дохуоттааҕа, сороҕор үлэлиэхтэрин баҕарбаттара, иһэр-аһыыр да түгэннэрэ буолара ыйыллыбыта. Пилотнай бырайыак 2017 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник тарҕаныаҕа.

Өрөспүүбүлүкэ үбүлээһинэ эбиллиэ

Ааспыт сылга социальнай эйгэҕэ туох үлэ ыытыллыбытын ырытан көрүөҕүҥ.
Сыл түмүгүнэн, министиэристибэ хайысхатынан 17,5 млрд солк. (өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 13,5 млрд, федеральнайтан – 3,9 млрд солк., Биэнсийэ фондатыттан – 2,2 мөл. солк., РФ президенин резервнэй фондатыттан 9,9 мөл. солк.) үбүлээһин көрүллүбүтэ.

2017 сылга бу үбүлээһин 15,9 млрд солк. (өрөспүүбүлүкэттэн 13,9 млрд солк., федеральнайтан – 2 млрд солк.) тэҥнэһиэҕэ.

Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 117,2 тыһ. киһи, федеральнай хааһынаттан 53,7 тыһ. киһи социальнай көмөнөн туһаммыт. 7347 кыаммат ыал тус аадырыстаммыт көмөнү ылан туһаммыттара. Дьиэлэри ититиигэ холбооһуҥҥа биирдэ бэриллэр көмөнү 1394 ыал ылбыта.
Биэстэн элбэх оҕолоох 71 ыал дьиэ ыларыгар, эбэтэр туттарыгар 150 мөл. солк. төлөммүтэ. 1145 кыаммат ыал социальнай хантараак быһыытынан, көмөнү ылбыттара. Ону тэҥэ, олус кыра дохуоттаах 5424 ыалга 214,7 мөл. солк. суумалаах көмө оҥоһуллубута.
Инбэлииттэр (барыта 57 730 киһи баар) сылдьалларыгар табыгастаах усулуобуйаны оҥорорго 101,2 мөл. солк. (итинтэн 49,0 мөл. солк. – федеральнай бүддьүөттэн) көрүллүбүтэ.
Онон кыаммат дьоҥҥо өйөбүл — бырабыыталыстыба ыытар бэлиитикэтин биир өрө тутуллар хайысхата. Билигин бу хайысхаҕа өссө ордук болҕомто ууруллуо, дьоҥҥо тиийэр көмө эбиллиэ уонна судургутуйуо диэн этиэххэ сөп.

Эксперт санаата

Диана Семенова, Социальнай бэлиитикэ департаменын салайааччы:
—Билигин 4 министиэристибэ бэлэмнээбит балаһыанньатынан, сотору кэминэн Ил Дархан ыйааҕар илии баттыаҕа. Биһиги тус аадырыстаммыт көмө уонна социальнай хантараак балаһыанньатын оҥорон киллэрдибит. Тус аадырыстаммыт көмөнү ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит, кыра дохуоттаах дьон ылар кыахтаахтар. Көмө биирдэ бэриллэр. Оттон социальнай хантараак хаһаайыстыба эбэтэр бэйэ дьыалатын тэринэргэ бэриллэр. Төһөнөн дохуот кыра да, хантараак кээмэйэ улахан буолар. Нэһилиэктэргэ хамыыһыйалар тэриллэннэр, сайабылыанньалары көрөн, кимиэхэ биэрэри бэйэлэрэ быһаараллар.

This post was published on 05.04.2017 10:57 10:57