Саха тыла бүгүн Сибиир уонна Уһук Илин эригийиэннэрин төрүт омуктарын тылларыттан биир ураты баай историялаахтара, кыахтаахтара. Биhиги тылбыт дириҥ ис хоһоонноох, устар ууну сомоҕолуур олоҥхо тыла. Тылбыт кэрэтин, дууһаны сылаанньытар сүмэтин-сүөгэйин, сүрэҕи өрүкүтэр ойуулуур-дьүһүннүүр дьикти күүһүн олоҥхоһут, тойуксут дьоммут үгүс үйэлэри уҥуордатан, сүтэрбэккэ аҕалан, суруйааччыларбыт, учуонайдарбыт сурукка киллэрэн, ЮНЕСКО көмөтүнэн киһи аймах чулуу айымньыларын ахсааныгар киирдэ. Бу биһиги норуот быһыытынан киэн туттуубут.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр саха тыла нуучча тылын кытта тэҥҥэ туттуллар судаарыстыбаннай тыл статустаммыта үйэ чиэппэрэ буолла. Төрөөбүт тылбыт эйгэтин кэҥэтиигэ үгүс үлэ ыытыллар – саха тыла өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрин үлэтигэр киэҥник туһаныллар, араас таһымнаах мунньахтар сахалыы бараллар, таба суруйуу нуормата чочуллар. Тылбытын үөрэх тэрилтэлэригэр тиһигин быспакка үөрэтэбит, сахалыы учуобунньуктары оҥоробут. Маны сэргэ идэлээх дьону бэлэмнээһин, тылы чинчийии тэриллэр, бэчээт, араадьыйа, тэлэбиидэнньэ сахалыы сайдар.
Билигин икки-үс омук тылын билии, элбэх тылы үөрэтии – аныгы олох ирдэбилэ, сайдыы мэктиэтэ буолбут кэмигэр, тылбыт хайдах туруктааҕын, кинини кэнчээри ыччакка чөл тиэрдии хайысхаларын, ньымаларын анаан ырытаргыт, сүбэлэһэргит тоҕоостооох уонна омукпут сайдыытыгар ураты суолталаах.
Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһэ – кэнчээри ыччат уонна тыл кэскилин түстүүр биир санааланыы түһүлгэтинэн буолуо диэн эрэнэбин уонна барыгытыгар айымньылаах, дириҥ хорутуулаах үлэни баҕарабын!
This post was published on 04.04.2017 12:24 12:24