23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Егор Борисов: Cаха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин

12:24, 04 апреля 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Cаха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин ытыктабыллаах дэлэгээттэрэ уонна ыалдьыттара! Бука барыгытын саха тылын, литературатын уонна култууратын кэнчээри ыччакка тиэрдэр учууталларбытын, тылбыт сайдыытыгар үлэлэһэр дьоммутун бииргэ түмэр бастакы сийиэс аһыллыытынан ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Быйыл биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр – бэлиэ сыл. Олунньу 13 күнүгэр саха маассабай суругун-бичигин төрүттээччи, бастакы үөрэх кинигэлэрин суруйбут, бэчээттэтэн таһаарбыт Семен Андреевич Новгородов төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит. Аны күһүн, балаҕан ыйыгар, С.А. Новгородов суруйбут сахалыы бастакы букубаара тахсыбыта 100 сылын, саха тылын үөрэтии саҕаламмыта 95 сылын бэлиэтиэхпит. Төрөөбүт тыл – норуот кэскилэ – диэн сүдү суолталаах ытык өйдөбүлү сүрүн сыаннас, олохторун сыала-соруга оҥостон улуу дьоммут үлэлээбиттэрэ, үгүһү айбыттара.

Саха тыла бүгүн Сибиир уонна Уһук Илин эригийиэннэрин төрүт омуктарын тылларыттан биир ураты баай историялаахтара, кыахтаахтара. Биhиги тылбыт дириҥ ис хоһоонноох, устар ууну сомоҕолуур олоҥхо тыла. Тылбыт кэрэтин, дууһаны сылаанньытар сүмэтин-сүөгэйин, сүрэҕи өрүкүтэр ойуулуур-дьүһүннүүр дьикти күүһүн олоҥхоһут, тойуксут дьоммут үгүс үйэлэри уҥуордатан, сүтэрбэккэ аҕалан, суруйааччыларбыт, учуонайдарбыт сурукка киллэрэн, ЮНЕСКО көмөтүнэн киһи аймах чулуу айымньыларын ахсааныгар киирдэ. Бу биһиги норуот быһыытынан киэн туттуубут.

Өрөспүүбүлүкэбитигэр саха тыла нуучча тылын кытта тэҥҥэ туттуллар судаарыстыбаннай тыл статустаммыта үйэ чиэппэрэ буолла. Төрөөбүт тылбыт эйгэтин кэҥэтиигэ үгүс үлэ ыытыллар – саха тыла өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэрин үлэтигэр киэҥник туһаныллар, араас таһымнаах мунньахтар сахалыы бараллар, таба суруйуу нуормата чочуллар. Тылбытын үөрэх тэрилтэлэригэр тиһигин быспакка үөрэтэбит, сахалыы учуобунньуктары оҥоробут. Маны сэргэ идэлээх дьону бэлэмнээһин, тылы чинчийии тэриллэр, бэчээт, араадьыйа, тэлэбиидэнньэ сахалыы сайдар.

Билигин икки-үс омук тылын билии, элбэх тылы үөрэтии – аныгы олох ирдэбилэ, сайдыы мэктиэтэ буолбут кэмигэр, тылбыт хайдах туруктааҕын, кинини кэнчээри ыччакка чөл тиэрдии хайысхаларын, ньымаларын анаан ырытаргыт, сүбэлэһэргит тоҕоостооох уонна омукпут сайдыытыгар ураты суолталаах.

Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһэ – кэнчээри ыччат уонна тыл кэскилин түстүүр биир санааланыы түһүлгэтинэн буолуо диэн эрэнэбин уонна барыгытыгар айымньылаах, дириҥ хорутуулаах үлэни баҕарабын!

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА