Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Борисов бэйэтин сайтыгар “Бастакы сирэйтэн” рубрикатыгар РФ Госдуматыгар буолаары турар быыбарга партиялар икки ардыларыгар сөбүлэһии түһэрсиллиэн сөбүн туһунан иһитиннэриилэргэ сыһыаннаан сайабылыанньа таһаарда:
Бүгүн сонуннары киэҥник тарҕатар федеральнай сириэстибэлэр “Биир ньыгыл Россия”, РФ КП, РЛДП уонна “Сиэрдээх Россия” салайааччылара буолаары турар VII ыҥырыылаах РФ Судаарыстыбаннай Думатын быыбарыгар статус-квону туһаныыны хаалларыан сөптөөх партиялар икки ардыларыгар сөбүлэһиини түһэрсиигэ чугастарын туһунан иһитиннэриини тарҕаттылар. Парламент партиялара сөбүлэһиигэ олоҕуран биир мандааттаах уокуруктарга күрэстэһэр хандьытааттары бэйэ-бэйэлэрин утарыта туруоруохтара суоҕа диэн ис хоһоонноох. Маныаха быыбардар маннык бэрээдэгинэн ыытыллыахтаах территорияларыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ эмиэ киллэриллэрэ былааннаммыт диэн.
Үөскээбит быһыыга-майгыга мин, өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна хас биирдии киһиэхэ итэҕэтэр көҥүлү уонна быыбардыыр көҥүлү биэрэр, уопсастыба уонна судаарыстыба дьыалаларын салайыыга кыттыытын мэктиэлиир докумуону – Саха сирин Төрүт Сокуонун мэктиэлээччи быһыытынан манныгы иһитиннэрэри наадалааҕынан ааҕабын.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр хайа баҕарар таһымнаах быыбар хампаанньалара мэлдьи гражданнар көҥүл баҕа санааларынан, аһаҕастык, түһэрсиитэ суох уонна күрэстэһиилээхтик ааһаллар уонна оннук ыытыллыахтаахтар. 2014 сыллааҕы быыбар эмиэ итинник ыытыллыбыта, атын регионнартан уратыта диэн, биһиэхэ сүрүн дуоһунастаах сирэйи талар быыбарга утарыта күүстэртэн хандьытааттар туох да харгыһа суох кыттыбыттара. Маныаха ити быыбардарга кыайарга бары партиялар уонна хамсааһыннар бэрэстэбиитэллэрэ ыҥырыллыбыттара.
Российскай Федерацияҕа кырдьыгы токурутутууттан араарар кыахтаах сиппит-хоппут гражданскай уопсастыба олохтоммута ыраатта. Бэйэлэрин кыахтарыгар эрэммэт аҕыйах ахсааннаахтар баһыйар үгүс дьоҥҥо кимиэмэ кытта да сөбүлэһиннэрбит көрүүлэрин соҥнуулларын таһаарыа суохтаахпыт. Бу демократия бириинсиптэрин, чэгиэн өйү-санааны уонна киһилии сиэри-майгыны утарар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит олохтоохторун баҕа санааларыгар хайаэмэ өттүнэн сабыдыаллыыр сорунуулар, бэйэ кыараҕас политическай интэриэһин туһугар бэрдэ суох дьайыыны оҥоруу манныгынынан дьарыктаммыт дьоҥҥо ситиһиини аҕалбатаҕа.
Үөһээ этиллибиккэ олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ салалтата уопсастыбаны түмпэт, дьону -сэргэни көҕө суох, кыраҕа кыһаммат оҥорор, былаас уорганыгар итэҕэли симэлитэр кулиса кэтэҕинээҕи оонньуулары ханнык да балаһыанньаҕа өйүө суоҕа.
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Биһиги бары быыбарга мэлдьи көхтөөхтүк кыттабыт, ол Россия судаарыстыбатын суверенитетын уонна модун күүһүн хааччыйыыга Россия президенэ ыытар куурсун биһиги бигэтик уонна кытаанахтык өйүүрбүтүн көрдөрөр. Бэйэлэрин омсолоох сыалларын ситиһэр туһугар киксэн уонна нэһилиэнньэ санаатын албыннаан туһанааччылары буолбакка, дойдубут парламенын аллара палататыгар биһиги интэриэспитин көдьүүстээхтик туруулаһааччылары сокуонунан талар олохтоммут бырааптаахпыт. Быыбар сокуоннай буолуутун аһаҕастык уонна күрэстэһиилээхтик ыытыллыыта эрэ хааччыйар!
2016 сыл балаҕан ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бары партиялар уонна бары быыбардааччылар кыттыылаах аһаҕас уонна чиэһинэй быыбардар ыытыллыахтара.
Источник: egorborisov.ru
This post was published on 16.02.2016 12:07 12:07