Егор Борисов былаастарга Кемерово иэдээнин кэнниттэн дьон маассабайдык тоҕуоруһар сирдэрин бэрэбиэркэлииргэ сорудахтаата

Саха сирин баһылыга Егор Борисов Кемеровоҕа эргиэн дьиэтигэр буолбут баһаарга суорума суолламмыт дьон аймахтарыгар уонна чугас дьонугар дириҥ кутурҕанын биллэрдэ.


Кемеровоҕа тахсыбыт иэдээнтэн курутуйдум. Эргиэн дьиэтигэр тахсыбыт улахан уот уонунан дьон, ол иһигэр оҕолор олохторун былдьаата”, — диэн бэлиэтээтэ Егор Борисов инстаграмҥа бэйэтин страницатыгар.

Саха сирин баһылыга сарсыарда бырабыыталыстыбаҕа туһанылла сылдьар сокуоннаска олоҕуран өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар дьон маассабайдык тоҕуоруһар сирдэригэр былааны таһынан бэрэбиэркэлэри ыытарга соруйбутун туһунан эттэ.

This post was published on 26.03.2018 16:30 16:30