Егор Борисов: Биһиги бука бары бииргэ бигэ олох уонна сайдыы иһин куоластаатыбыт!

Саха сирин дьоно-сэргэтэ уопсастыба-бэлиитикэ сүрүн тэрээһинигэр кыттыбыттарын иһин өрөспүүбүлүкэ баһылыга Егор Борисов махтанна.


«РФ Госудматын быыбарыгар Саха сирин 300 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо кытынна уонна быыбарга үрдүк кыттыыны көрдөрдө. Дьон бу тэрээһиҥҥэ кыттыытынан Чукотка кэнниттэн иккис миэстэни ыллыбыт», — диэтэ Егор Борисов.

Ил Дархан этэринэн, баартыйа испииһэгинэн быыбарга бэлиитикэ күүстэрэ бары кыттыбыттар. Барыллаан ааҕыынан «Биир ньыгыл Арассыыйа» 141 128 куолаһы ылла. Ити быыбардааччы 46,4%. Өрөспүүбүлүкэ бары улуустара уонна куораттара бу баартыйаны өйөөтүлэр.

Маны таһынан быйылгы быыбарга Булуҥ, Эдьигээн, Нерюнгри оройуоннарын баһылыктарын таллылар. Кинилэр бары ытыктанар, дьоһун, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан быыбарга турбут дьон.

«Бу – Арассыыйа президенигэр Владимир Путиҥҥа итэҕэйии бэлиэтэ», — диир Егор Борисов.

«Сиэрдээх Арассыыйа» бэрэстэбиитэлэ Федот Тумусов куолас дьон 37,5% ылла. Толору күрэстэһэр кыах суоҕуттан, кини дойду парламенын саҥа састаабыгар киирэр кыахтанна», — диир Ил Дархан.

Саха сиригэр да, Арассыыйаҕа да бэлиитикэ хартыыната уларыйбатах. «Биһиги бука бары бигэ олох уонна сайдыы иһин куоластаатыбыт! Саҥа дьокутааттар, оройуоннар, нэһилиэктэр баһылыктара ылбыт итэҕэллэрин идэтийбит сулууспанан толоруохтара, толуйуохтара диэн бүк эрэллээхпин», — диир Егор Борисов.

This post was published on 19.09.2016 16:23 16:23