«Его дочь» саха киинэтэ «Золотой Орёл» бириэмийэҕэ киирдэ

«Его дочь» сахалыы киинэ Арассыыйатааҕы «Золотой Орёл» киинэ наҕараадатын «Лучшая работа художника-постановщика» аатыгар киирдэ. Ону таһынан киинэ муусукатын сыаналыахтара.


Арассыыйаҕа киинэ искусствотын уонна наукатын национальнай академията «Золотой Орёл» киинэ наҕараадатын официальнай испииһэгин таһаарда. Манна Андрей Кончаловскай «Рай», Николай Лебедев «Экипаж», Николай Хомерик «Ледокол», Кирилл Серебренников «Ученик» уонна да атыттар бааллар.

«Его дочь» сахалыы киинэ режиссёра уонна сценариһа Татьяна Эверстова СИА-ҕа маннык кэпсээтэ: «Алтынньыга «Золотой Орел» бириэмийэ экспертнэй сэбиэтин чилиэннэрэ миигиттэн киинэни көрүөххэ сөптөөх ссылканы көрдөөбүттэрэ. Мин онтон соһуйбутум да, үөрбүтүм да. Тоҕо диэтэххэ, бириэмийэ Арассыыйа «Оскара» буолар. «Его дочь» киинэ аатырбыт-сураҕырбыт киинэлэри кытта наҕараадаҕа киирбитэ улахан суолталаах».

Санатар буоллахха, киинэ «Окно в Европу» улахан фестивалга кыайыылааҕынан тахсыбыта, ону таһынан Ураллааҕы киинэ фестивалын куонкуруһун бырагырааматыгар киирбитэ.

Киинэни муусуканан биллэр-көстөр французскай композитор Жири Хегер киэргэттэ, худуоһунньук- туруорааччы Петр Бояркин. Кини «Хара мааска» («Чёрная маска»), «Дьикти саас» («Дивная пора»), «Снайпер Саха» уо.д.а. киинэлэргэ үлэтинэн биллэр.

This post was published on 02.12.2016 10:27 10:27