Туой иһиккэ буспут тэллэйдээх хортуоппуй, тыллаах жюльен, тарталеткаҕа кутуллубут салаат, эттээх кэмбиэр, отонноох клафути, брауни, трайфл, тирамису, отонноох мильфей… Итинник уонна да атын ас амтаннааҕын, эриэккэһин, уратытын судургу бородуукталарынан астыахха сөп.
«Вкусно, быстро и легко!” кулуубу тэрийээччи Наталья Оконешникова хомуйан оҥорбут «Эгэлгэ астаах сандалы» диэн бэртээхэй кинигэтэ Аан дойду дьахталларын күнүн көрсө «Бичик» маҕаһыыннарыгар атыыга тахсыаҕа.
Кинигэ сиэдэрэй оҥоһуулаах, элбэх хаартыскалардаах, ас састааба, бүлүүдэ хайдах оҥоһуллара өйдөнүмтүөтүк суруллар.
Атыыга тахсар «Эгэлгэ астаах сандалы» кинигэни бастакынан атыылаһааччылар силиконтан оҥоһуллубут астыырга туттуллар лаппаакыны бэлэх ылыахтара. Силиконтан оҥоһук тымныыны да, сылааһы да уйарынан, ас сыта иҥмэтинэн, сууйуллара, сотуллара дөбөҥүнэн, иһит-хомуос бүрүөһүнүн алдьаппатынан атыттартан ураты уонна табыгастаах.
This post was published on 28.02.2017 09:57 09:57