22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үөһээ Халыма улууһугар полиция үлэһиттэрэ көҥүлэ суох атыыланар арыгыны буллулар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Оперативнай дьаһал кэмигэр холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ уонна ИДьМ боломуочуйалаах учаастактааҕы полиция Үөһээ Халыма улууһугар  500-чэкэ көҥүлэ суох атыыланар арыгы бытыылкатын буллулар, диэн өрөспүүбүлүкэ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Угольнай нэһилиэгэр 53 саастаах олохтоох дьахтар тиэргэнигэр турар контейнертан полицейскайдар 250 лиитирэ ыйааһыннаах 500 бытыылка буокканы буллулар.

Бу бородууксуйаны олоччу былдьаатылар уонна бэрэбиэркэлэтэ экспертизаҕа ыыттылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА