Үөһээ Халыма оройуонугар өрөспүүбүлүкэ толорор былааһын отчуота буолар. Бэҕэһээ Үөһээ Халыма сэлиэнньэтин олохтоохторун кытта көрүстүлэр.
Олохтоохтор ИЖС бырагырааматынан сирдэри көһөрүү, тырааныспар логистикатын уонна сибээс боппуруостарын ыйыталастылар. Инновация миниистирэ Анатолий Семенов Арктика уонна тэйиччи сытар улуустары сибээһинэн хааччыйыыны кэпсээтэ.
««Синергия Арктики» бырайыак чэрчитинэн 2023 — 2025 сылларга Саха сиригэр түргэн интернеккэ Арктика бары улуустарын холбуохтаахпыт. Оттон чуолаан Үөһээ Халыма сэлиэнньэтигэр биһиги сибээс волоконнай-оптическай линиятын 2024 сылга тардыахпыт. Бүгүн оройуоҥҥа «Арктик – Телеком» АУо ВОЛСу киллэриигэ бэлэмниир үлэни саҕалаата. Хампаанньа магистральнай уонна дьиэлэр истэринээҕи линиялары тардаллар», — диэтэ миниистир.
Санаттахха, былырыын Үөһээ Халыма сэлиэнньэтэ 350 сылын бэлиэтээбитэ. Сэлиэнньэ 2017 сыллаахтан үп министиэристибэтэ ыытар олохтоох көҕүлээһиннэргэ куонкуруска көхтөөхтүк кыттар. Үбүлээһиҥҥэ баһаарынай емкость туруорулунна, кытаанах бөх тоҕор былаһаакка оҥоһулунна, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ ититэр ситим уларытылынна уонна да атын үлэлэр ыытылыннылар.