22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үөһээ Халыма оройуонугар икки эр киһи «Буранынан» айаннаан иһэн муус анныгар түстэ

16:35, 31 октября 2023
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр икки эр киһи «Буран» снегоходунан айаннаан иһэн Халыма өрүскэ муус анныгар түстэ. Быһылаан алтынньы 28 күнүгэр Зырянкаттан 40 км тэйиичи сиргэ буолла. Муус анныгар түспүт дьонтон биирдэстэрэ биэрэккэ тахсан көмөнү ыҥырда, иккис эр киһи суорума суолланна. Бу туһунан регионнааҕы быыһыыр сулууспа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Тыыннаах хаалбыт киһитин алтынньы 29 күнүгэр Зырянкаҕа илдьэн биэрдилэр. Быраастар эр киһиэхэ наадалаах көмөнү оҥордулар.

Оптуорунньукка, алтынньы 31 күнүгэр, быһылаан миэстэтигэр Дьокуускайтан быыһыыр сулууспа водолазтарын бөлөҕө көтөн таҕыста. Түөрт киһилээх бөлөх ууттан тахсыбатах эр киһини көрдүөҕэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА