Үөһээ Халыма олохтооҕун дьахтары өлөрүүгэ уорбалааннар туттулар

2022 сыл от ыйын 8 күнүгэр Үөһээ Халыма оройуонун Зырянка олохтооҕо 31 саастаах дьахтары кырбаабыт. Ылбыт эчэйиититтэн дьахтар өлбүт диэн СИА иһитиннэрэр.

«Эр киһини буруйу оҥорууга уорбалаан туппуттар. Силиэстийэлээччи хаайыллар миэрэлэри ыларга көрдөһүүтүн биллэрбит», — диэн өрөспүүбүлүкэ Силиэстийэлиир кэмитиэтигэр биллэрдилэр.

Силиэстийэ бара турар.

This post was published on 22.07.2022 17:03 17:03