Үөһээ Халыма олохтооҕо дьахтары эрин өлөрбүтүн иһин 6 сылга хаайыыга ыыттылар

Үөһээ Халыма оройуонун олохтооҕо дьахтар гражданскай эрин өлөрүүгэ буруйун дакаастаатылар. 40 саастаах дьахтары алта сылга уонна үс ыйгв уопсай режимнээх холуонньа хаайыыга ыыттылар. Бу туһунан регион прокуратурата иһитиннэрэр.

2022 сыл ахсынньы бүтүүтэ буруйданааччы итирик туруктаах сылдьан куукуна быһаҕынан эрин түөскэ анньан өлөрбүтэ быһаарылынна. Эр киһи ылбыт эчэйиититтэн быһылаан буолбут сиригэр өлбүт.

Силиэстийэ дьахтар буруйун толору дакаастаата, ол түмүгүнэн суут бириигэбэри иһитиннэрдэ.

This post was published on 12.10.2023 17:56 17:56