Саҥа ойуур баһаара бэс ыйын 20 күнүгэр Үөһээ Халымаҕа баара бэлиэтэннэ. Бүгүҥҥү туругунан, Саха сиригэр икки уот баара биллэр, уопсай иэнэ 1903 га, онтон биирэ Өлүөхүмэ улууһугар.
Үөһээ Халымаҕа тахсыбыт уот иэнэ 3 га.
Өлүөхүмэтээҕи баһаар умуруорулунна. Манна 120 киһи уонна биир бөртөлүөт үлэлээтэ.
Региоҥҥа баһаар буолар сэрэҕин сезона арыллыаҕыттан 37 умайыы, уопсай иэн 4 073,7 га бэлиэтэнэр.
This post was published on 21.06.2023 15:26 15:26