Дьааҥыга -- Олоҥхо Ыһыаҕа

Дьааҥыга өрөспүүбүлүкэтээҕи Х-с Олоҥхо Ыһыаҕын аһыы сиэрэ-туома билигин ыытылла турар. Саха сирин быйылгы улахан тэрээһинигэр 10 тыһыынчаттан тахса киһи кыттар.


Россия суъектарыттан, омук дойдуларыттан кэлбит ыалдьыттары Саха сирин баһылыга Егор Борисов, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, вице-премьер Алексей Дьячковскай уонна улуус баһылыга Виктор Павлов эҕэрдэлээтилэр.

Улустартан кэлбит делегациялар параадтаатылар, Олоҥхо театра дьүһүүйүү көрдөрдө.

Дьааҥыга Ыһыах бэс ыйын 29 күнүгэр диэри ыытыллар.

This post was published on 28.06.2016 12:33 12:33