Үөһээ Дьааҥы улууһун Эҥэ нэһилиэгэр суол оҥоһуллан бүттэ

Эҥэ нэһилиэгэр олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагырааманан суол оҥоһуллан бүттэ, көннөрүү хаалла. Үөһээ Дьааҥы улууһугар кыстыкка бэлэмнэнии үлэтэ бара турар.


Хочуолунай үлэлии турар. Уһуйаан уонна оскуола тэрилтэлэрин өрөмүөнэ бүтэ илигинэн ититии холбоно илик. Успуорт саалатын учуотчуга эргэрэн, болдьоҕо ааһан Дьокуускай куораттан саҥаны аҕалтараллар.

«Киэһэ дьон хараҥаҕа хаамарыгар сырдык буоллун диэн тэрилтэлэр тастарыгар анал банаардар туруоруллуннулар. Ол балаҕан ыйын 15 күнүттэн үлэлиэҕэ», — диэн этэр Эҥэ нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын баһылыга Виктор Анатольевич.

Ааптар: Татьяна ГОРОХОВА, «Дьааҥы аартыга» хаһыат, Ulus.Media сайт

Хаартыска интэриниэттэн.

This post was published on 07.09.2018 11:12 11:12