Ааспыт сылга дойду үрдүнэн «Точка роста» диэн федеральнайдааҕы бырагыраама олоххо киирбитэ. Үөһээ Бүлүүтээҕи Дм.Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх оскуола онно тирэҕирэн, «Цифровой бэчээт киинин» тэриммитэ. Пандемия кэмигэр харыстыыр мааскалары оҥорон таһаардылар.
Үөһээ Бүлүүтээҕи Дм.Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх оскуолаҕа тэриллибит сыыппара бэчээтин киинигэр учуутал сатабылын туһанарга, оҕо дьоҕурун сайыннарарга саҥа тэриллэри ылан үлэ-хамнас тэтимнээхтик барар.
Юрий Кынатов, оскуола дириэктэрэ:
— Билиҥҥи үйэ ирдэбилинэн элбэх цифровой бородууксуйа тахсар буолла. Онон биһиги бэйэбит исписэлиистэрбит сатабылларыгар сөп түбэһиннэрэн, саҥа оборудованиелары ылбыппыт. Онон билигин бородууксуйа оҥорон саҕалаатыбыт. Ол курдук, араас кээмэйдээх баннердары бэчээттиибит, истиэндэлэри оҥоробут уонна лазернай станоктаах буолан араас сувенирдары, бэлиэлэри оҥорор кыахтанныбыт. Маны сэргэ, дьоҕус типография ылбыппыт, билигин сурунааллары бэчээттиибит. Онтон сотору кэминэн кытаанах переплеттаах кинигэлэри бэчээттиир санаалаахпыт. Бу барыта оҕо сайдыытыгар анаммыт үлэ.
Улуустааҕы үөрэх управлениетын көҕүлээһининэн, оскуола баазатыгар кэлэр үөрэх дьылыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн учууталларга, уһуйаан иитээччилэригэр анаан киһи тыынарыгар, саҥарарыгар мэһэйдээбэт, сирэйи бүөлээбэт көмүскүүр экраннары оҥорон саҕалаатылар.
Спиридон Борбуев, үөрэх управлениетын начальнига:
— Бүгүҥҥү балаһыанньанан, Роспотребнадзор ирдэбилинэн, кэлэр үөрэх дьылыгар мааскалаах эрэһиим, дезинфекция син биир ирдэнэр буолуоҕа. Онон биһиги онно эрдэттэн бэлэмнэнэн учууталларга көмүскүүр экраннары оҥоруохха диэн санааҕа кэллибит. Тоҕо диэтэххэ, учуутал маасканан айаҕын сабан турар буоллаҕына, оҕону кытта сибээһэ сүтэр. Кини айаҕын, уоһун, сирэйин миимикэтин булгуччу оҕоҕо көрдөрүөхтээх. Иккиһинэн медицинскэй мааскалаах иитээччиттэн уһуйаан оҕото куттаныан сөп, уйулҕатыгар охсуулаах буолуон сөп. Онон биһиги учуутал сирэйэ көһүннүн, саҥата чуолкайдык иһилиннин, үөрэх хаамыытыгар мэһэйдээбэтин диэн маннык көмүскүүр экраннары оҥоро сылдьабыт.
Оҥорон таһаарааччылар бэлиэтээбиттэринэн, бу экран үчүгэйэ диэн киһи тыынарыгар мэһэйдээбэт, сымнаҕас, киһи төбөтүн хам туппат, ачыкыта кэтэргэ табыгастаах. Онон аны күһүҥҥэ диэри 1500 кэриҥэ экран оҥоһуллан, Үөһээ Бүлүү улууһун учууталларыгар уонна иитээччилэригэр босхо тарҕаныаҕа.
This post was published on 19.06.2020 13:03 13:03