Ийэ тыл Сүбэтэ быйыл кулун тутар 24 күнүгэр Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр Д.С.Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх орто оскуолаҕа ыытыллыбыт «Омук күүһэ — өйүгэр, өйүн күүһэ — тылыгар» диэн улуус 22 нэһилиэгиттэн 330 киһи кыттыылаах сугулааныттан талыллыбыта.
Ийэ тыл Сүбэтэ үс ыйга биирдэ түмэр мунньаҕы тэрийиэҕэ. Маны тэҥэ Сүбэни сүрүннүүр Дьаһабыл үлэлиир.
Бүгүн Ийэ тыл Сүбэтин балаһыанньатын, тутулун бигэргэтиэхтэрэ, үлэ былаанын ылыныахтара.
Сугулаан уурааҕын түмүгүнэн нэһилиэк аайы бүттүүн аһаҕас мунньахтары ыытыахтара, «Ийэ тыл» түмсүүлэрин тэрийиэхтэрэ.
Оттон ыам ыйыттан «Ийэ тылбытын хараанныыбыт!» бырайыак үлэлиэҕэ.
Бу хамсааһыны Үөһээ Бүлүүгэ Саха Конгреһын салаатын салайааччыта, Ийэ тыл Сүбэтин Дьаһабылын салайааччыта, кыраайы үөрэтээччилэр Сүбэлэрин салайааччыта Бурхалей Макаров уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Ийэ тыл Сүбэтин салайааччыта Варвара Васильева сүрүннүүллэр, суруйда «Үөһээ Бүлүү» хаһыат.
This post was published on 13.04.2023 10:01 10:01