Үөһээ Бүлүү улууһугар тимир уустар күрэхтэрэ буола турар

Хаартыска: Чап уустара телеграм-ханаал

Үөһээ Бүлүү улууһун тимир уустара Бүлүү куорат 390 сылыгар, биллиилээх судаарыстыбанай — бэлэтиичэскэй диэйэтэл Семен Аржаков 125 сааһыгар аналлаах аан дойдутааҕы уустар күрэхтэригэр кытталлар, диэн СИА суруйар.

Үс күн устата, түөрт уус хамаанданан арахсан, тимири оҥорор араас көрүҥҥэ күрэхтэһиэхтэрэ.

Тэрээһин бырагыраамматынан маҥнайгы күн — уһаарыы күнэ, иккис күн — хамаанданнан күрэхтэһиилэр, үһүс күн — тимир оҥоһуктарга маастар-кылаастар ыытыллыахтара.

«Уһаарыыбыт этэҥҥэ баран иһэр, уолаттар санаалара бөҕө, этэҥҥэ ситиһиилээктик кыттар санаалахпыт», — диэн күрэхтэһээччилэр бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр.

Үөһээ Бүлүү хамаандатыгар Хоро нэһилиэгин тимир ууһа — Тыымпы Ньургун Догдо уола, Балаҕаннаах нэһилиэгин тимир ууһа Чаный Сырдыын Боло уола, Кэнтик нэһилиэгиттэн уус Анатолий Афанасьев, Тамалакаан нэһилиэгин тимир ууһа Станислав Стручков, ону кытта Кэнтик Чап уустарын салайааччыта, тимир ууһа Егор Тумусов кытталлар.

This post was published on 22.08.2024 12:06 12:06