Үөһээ Бүлүү улууһугар ОДьКХ саҥа эбийиэктэрин тутуута сыл бүтүүтэ түмүктэниэхтэрэ

Үөһээ Бүлүү улууһугар сыл бүтүөр диэри уунан хааччыйар, кирдээх ууну тоҕор, ууну ыраастыыр эбийиэктэр тутуллан бүтүөхтэрэ. Ол туһунан премьер Андрей Тарасенко «Водоканал» салалтатын кытта мунньаҕар этилиннэ.

Тэрилтэ гендириэктэрэ Анатолий Кырджагасов эппитинэн, Үөһээ Бүлүү уонна Андреевскай сэлиэнньэлэригэр уунан хааччыйар магистральнай ситим оҥоһуллуохтаах. Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгэр маны сэргэ канализационнай-ыраастыыр тэрил туруохтаах.

Тутуу үбүлээһинэ федеральнай бюджеттан көрүллэр.

Сиһилии https://ysia.ru/novye-obekty-zhkh-poyavyatsya-v-verhnevilyujskom-rajone-yakutii-do-kontsa-goda/

This post was published on 18.10.2022 16:28 16:28