Чох навигацията Үөһээ Бүлүү улууһугар түмүктэннэ. Ол туһунан улуустааҕы олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын салайааччыта Альберт Гаврильевтан кэпсээтэ.
“Үөһээ Бүлүү улууһугар эбэ уҥуоргу өттүгэр 1000 туонна чох сүөкэннэ. Бэтэрээ биэрэккэ Атыыр Бастаахха чох ыскылаатыгар 6000 туоннаны уурдубут. Онон эһиилги кыстыыр чохпут баар буолла», — диэтэ Альберт Гаврильев.
Билигин ОДьК хаһаайыстыбанан чоҕу сөпкө харайыы боппуруоһа турар. Маны тэҥэ Үөһээ Бүлүү, Хомустаах, Балаҕаннаах, Өргүөт, Ороһу, Нам, Хоро хочуолунайдарыгар уонна ититэр систиэмэлэригэр хапытаалынай өрөмүөннэри ыыта сылдьаллар.
Теплотрассаны ититии, бүрүйүү үлэлэрэ аны күһүҥҥэ дылы салҕанан барыахтара, диэн суруйда https://www.instagram.com/admvervil/
This post was published on 28.06.2021 17:01 17:01