Үөһээ Бүлүү улууһугар Нам оскуолата агро хайысханы тутуһан үлэлиир. Төрөппүттэр оҕолору кытта дьиэ кэргэн биригээдэлэрин тэрийиэххэ диэн этии киллэрбитин сэргээн, билигин сайыҥҥы үлэ күргүөмүгэр сылдьаллар. Бүөтүр Тобуруокап аатынан орто оскуолаҕа 219 оҕо үөрэнэр, сайыҥҥы дистанционнай лааҕырдар үөрэнээччилэри 100% хабан олорор. Дьарыктар алта хайысханан бараллар — спортивнай, омук тыла, технология уонна дизайн, естественнай-научнай фольклор итиэннэ эдэр фермер-оҕуруот олордооччу.
Федоровтар
Федоровтарга киирээтин тэлгэһэҕэ кус-хаас, сибиинньэ саҥата, саха кууруссалара хахаараллар, көҕөн оҕолоро суунан кынтаһаллар, быһатын эттэххэ хаһаайыстыба олоҕо оргуйан олорор. Дьиэ кэргэн игирэ уолаттара Алгыстаах Айхал онус кылааһы туйгунунан бүтэрэн, быйыл сайын дьиэ кэргэн биригээдэтигэр киирдилэр. Онон оскуолаттан 20-тэн тахса хаппыыстаны, биир оччо помидору ылан көрөллөр-истэллэр.
Биһиги тиийэрбитигэр уолаттар номнуо аҕаларын кытта эрдэ туран, дьиэ тутуутун үлэтигэр барбыттар. Онон биһигини эбэлэрэ Виктория Николаевна көрүстэ.
Виктория Абрахова, Нам нэһилиэгин олохтооҕо:
— Мин уонтан тахса сиэннээхпин. Урут-уруккаттан бэйэм да оҕолорбун үлэнэн ииппит киһибин, билигин эмиэ бу сиэннэрим дьарыктаах буоллуннар диэн хаһаайыстыба тутабыт. Быйыл сайын оскуолабыт иһинэн дьиэ кэргэн биригээдэлэрин тэрийдилэр, ол эбэтэр кэтэхтэн лааҕыр. Онон сиэннэрбин кытта бары дьиэ кэргэнинэн дьарыктанабыт, ватсап ситимигэр анал бөлөхтөөхтөр, оҕуруоппутун онно хаартыскалаан, видеолаан отчуоттуубут. Сиэннэрим үгүстэрэ уолаттар буолан, туох да үлэтин тулуппаттар, күнүс аҕаларыгар көмөлөһөллөр, киэһэ хаһаайыстыбаларын барытын бэйэлэрэ көрөллөр, уу кутан, сыыс отун ыраастаан, кустарын-хаастарын, сибиинньэлэрин аһатан, онон дьахтар аймах абыранныбыт.
Салгыы кус оҕолоругар чугаһаан кэллибит. Биэс көҕөн оҕото итиэннэ биир сырдык кус Дьокуускайтан кэлбиттэр. Пшенонан, кукуруза бурдугунан, үөнү-көйүүрү тутан аһаталлар, оҕолор онон дьарыктаналлар.
Виктория Николаевна кэпсииринэн, түргэнник ситэр көтөрү иитии тыа сиригэр саамай табыгастаах. «Күһүн ситтэхтэринэ идэһэ гынан, кыһын устата хас бырааһынньык аайы сандалы маанылаах аһа буолаллар. Былырыыҥҥы куспутун бүтэһигин Ньукуолун күн сиэбиппит. Онтон кустарбыт, хаастарбыт күн аайы сымыыттыы тураллар. Онон бэйэ аһын сиэн абыранабыт» — диэн биир ыаҕас тобус-толору сымыыты аҕалан көрдөрдө.
Интэриэһиргээн хаас сымыытын ыйааһыннаан күрөргө сананныбыт. Ыйааһыҥҥа уурбуппут — саха кууруссатын сымыыта лоп курдук 100 г буолла, онтон хаас киэнэ 250 г тэҥнэстэ. Виктория Николаевна өссө сотору кэминэн 10 куурусса, 10 хаас, 10 кус, биир оччо индюк аҕалыахтаахпыт диэн инники быланын кэпсээтэ.
Салгыы оҕуруокка киирдибит. Манна хаппыыста, хортуоппуй, помидор, оҕурсуу, моркуоп, онтон да атын оҕуруот аһын арааһа үгүс буолла. Хаһаайка хаппыыста олордуутугар уонча сылынан бигэргэтиллибит, бэрэбиэркэни ааспыт кистэлэҥин сэгэттэ: «Урут хаппыыстаны үөҥҥэ сиэтэн кэбиһэрим. Онтон уонча сыл бэттэх 5 киилэлээх уу бытыылкатын ортотунан быһан баран хаппыыстам сэбирдэҕин саба ууран, эргиччи биир да быыһа суох гына көмөн кэбиһэбин. Сүрүнэ диэн хаппаҕын адьас арыйан кэбиһиэххэ наада, уонна ууну ол онон кутабыт. Хаппыыста хаһан уу иһитигэр баппат буолуор диэри маннык туоруоран баран, сөп буоллаҕына сэрэнэн бытыылкабытын ылабыт. Манныкка үөн-көйүүр олох киирбэт. Элбэх киһи ыйыталаһан маннык ньыманан туһанан махтаналлар».
Павловтар
Салгыы Павловтар дьиэ кэргэннэригэр тиийдибит. Манна олбуор ааныттан саҕалаан, араас дьэрэкээн сибэккилэр силигилии үүнэн тураллара көрүөхтэн кэрэ. Павловтар эмиэ кыыстаах уол игирэ оҕолордоох буолан биэрдилэр. Онон дьиэ кэргэн биригээдэтин тэринэн сайыны туһалаахтык атаараллар. Оҕурусуулара номнуо ситэн, дьэдьэннэрэ тэтэрчи буһан ырааппыт.
Надя Павлова, 9 кылаас үөрэнээччитэ:
— 90 квадратнай миэтэр иэннээх теплицаҕа араас суорт оҕурусууну, арбууһу, клубниканы олортубут. Кулун тутар ыйга арассаадалаан билигин оҕурсуубутун номнуо сии сылдьабыт, билигин да ситэн эрэр ас элбэх. Дьэдьэммитин олунньуга олордубуппут, билигин бастакы астара ситтилэр. 18 квадратнай миэтэрэ иэннээх туспа тэпилииссэҕэ тутабыт. Дьэдьэн, биллэн турар, көрөргө-истэргэ хаппырыыс, ол да буолларсииргэ минньигэһэ бэрт.
Кыыс үлэтэ сүрүннээн сибэкки, тэпилииссэ буоллаҕына уол бааһыналарын көрөр-истэр.
Коля Павлов, 9 кылаас үөрэнээччитэ:
— Дистанционнай лааҕырга биһигини учууталбыт Сардаана Валерьевна ыҥырбыта. «Золотой гектар» диэн ааттаах хаппыыстаны ыспыппыт. Маны тэҥэ, 400 квадратнай миэтэрэ иэннээх сиргэ хортуоппуй олордубуппут.
Варвара Гаврильева, СӨ үтүөлээх агронома, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Нам нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо:
— Нам оскуолата агро хайысханы тутуһан үлэлиир буолан, төрөппүттэр сайыҥҥы өттүгэр оҕолору кытта дьиэ кэргэн биригээдэлэрин тэрийиэххэ диэн этии киллэрбитин сэргээн, тутатына тэриммиппит. Оҕолор хаһаайыстыбаҕа олус көмөлөстүлэр. Тэпилииссэҕэ хаар таһыытыттан саҕалаан, арассаадалаан, көһөрүүгэ барытыгар тэҥҥэ сырыттылар. Тыа дьоно бары да оҕуруот аһын үүннэрэн, сүөһү көрөн, сибиинньэ ииттэн аһаан-сиэн олоробут. Быйыл патриотизм сыла буоларын быһыытынан, нэһиликэкпитигэр баар сэрии бэтэрээннэригэр аналлаах сквергэ бэйэбит дьиэ кэргэммит аатыттан 400-чэ сибэккини олордон бэлэх ууннубут.
Бүөтүр Тобуруокап аатынан Нам агро хайысхалаах орто оскуолатыгар 219 оҕо үөрэнэр, сайыҥҥы дистанционнай дьарыкка үөрэнээччилэри 100% хабан олорор.
Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин оҕолоро эмиэ «дистанционнай» лааҕырга дьарыктаналлар
Улуус киинигэр баар Үөһээ Бүлүүтээҕи М. Т. Егоров аатынан 2-с нүөмэрдээх оскуолаҕа 11 кэтэхтэн куруһуок үлэлии турар. Олортон биирдэстэрэ «Минньигэс десерт» ас астыыр дьарык буолар. Салайааччы Анджелика Мандарова хас нэдиэлэ ахсын саҥаттан саҥа минньигэс аһы оҥорорго үөрэтэр.
Биһиги тиийэрбитигэр трайфл диэн дьоһун аһы тэринэн астыы сылдьар. Интэриниэт ситимин нөҥүө онлайн үөрэтэрин оҕолор көрөн олорон үтүгүннэрэн оҥорон иһэллэр.
Анджелика Мандарова, производственнай үөрэхтээһин педагога:
— Дистанционнай куруһуокпун бэс ыйын 1 күнүттэн ыытабын, 47 дьарыктанар оҕолоохпун, 2 — 10 кылаастар үөрэнээччилэрэ, нэдиэлэҕэ биирдэ астыыбыт. Уопсайынан, бу дьарыгы олус сөбүлээтилэр, төрөппүттэр бэйэлэрэ эмиэ көмөлөһөр буоланнар олус көхтөөх. Чуолаан алын сүһүөх кылаастарга электрическэй прибордары тутталларыгар төрөппүт хонтуруола булгуччулаах.
Күннээҕи дьарыктар интэриниэт ситимин нөҥүө бараллар, өскөтүн туох эмит өйдөммөт баар буоллаҕына анал тэриллибит ватсап бөлөххө суруйан сүбэ-ама ылаллар, санааларын үллэстэллэр, оҥорбут үлэлэрин көрдөрөн иһэллэр.
Спиридон Борбуев, Үөһээ Бүлүүтээҕи үөрэх управлениетын начаалынньыга:
— Уопсайынан сайыҥҥы сынньалаҥ дойду үрдүнэн бэрт уратытык бара турар. Биһиги барытын толкуйдаан, ырытан көрөн баран быйыл улууска спорт сыла, үөрэх салалтатын иһинэн норуот педагогикатын сыла биллэриллибитнэн, онно тирэҕирэн үлэбитин саҕалаатыбыт. Ол курдук, бэс ыйыгар кэтэхтэн дьарыктары толору учууталлар уонна кылаас салайааччылара тэрийэн ыыталлар. Онтон от ыйыгар кинилэр сынньалаҥҥа бардахтарына, эбии үөрэхтээһин педагогтара уоппускаттан тахсан дьарыктары ыытыахтара. Ити курдук, оҕолор сайын устата үлэһиттэр сатабылларыгар үөрэниэхтэрэ. Билигин 200-тэн тахса учуутал үлэлии сылдьар, оҕолор 100% хабыллаллар.