Алтынньы 5-8 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһугар бокса оскуолата арылынна.
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга 2001-2002 сыллаах кыргыттарга уонна уолаттарга норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Анатолий Филиппов бирииһигэр республиканскай аһаҕас турнир ыытылынна.
Күрэххэ Ленскэйтэн, Сунтаартан, Ньурбаттан, Бүлүүттэн, Үөһээ Бүлүүттэн уопсайа 38 боксер күөн көрүстэ. Кылаабынай судьуйанан бастакы категориялаах судьуйа Александр Михайлов үлэлээтэ.
Улуус баһылыга Владимир Поскачин, боксаҕа бочуоттаах тренер, спорт туйгуна Александр Петров күндү ыалдьытынан буоллулар.
This post was published on 11.10.2016 17:35 17:35