Үөһээ Бүлүүтээҕи Ис. Барахов аатынан орто оскуолаҕа алтынньы 25 күнүгэр баһаарынай үөрэхтээһин буолла. Үөһээ Бүлүүтээҕи 1 №-дээх баһаарынай чаас толору састаабынан тахсан, ону тэҥэ атын көмө буолар тэрилтэ үлэһиттэрэ кэлэннэр, уопсайа 66 киһи бу үөрэхтээһиҥҥэ үлэлээтэ.
Сарсыарда 9 чаас 32 мүнүүтэҕэ биллэриллибит суһал сигнал кэннэ тута үс баһаарынай, икки уу баһар массыына оскуолаҕа кэллилэр. Баһаарынай диспетчерэ ЫБМ сулууспатыгар, суһал көмөҕө, авиапорт, электростанция, ОДьКХ, «Сахатранснефтегаз», ГАИ тэрилтэлэригэр биллэрбитинэн, хас биирдии тэрилтэттэн дьуһуурунайдар кэллилэр.
456 оҕо, 80 үлэһит аварийнай аанынан таһырдьа тахсан, баһаарынай байыастара үлэлииллэригэр харгыс тахсыбата. Эвакуацияны 3 мүн. 40 сөк. түмүктээтилэр. Оскуола киин уонна кэтэх ааннарыгар баһаарынай массыыналар тохтоон, уот турбутун туһунан иһитиннэрии киирбит кылааһыгар иккис этээс түннүгүнэн тахсан, байыастар ыйыллыбыт бириэмэҕэ сөп түбэһэр хамсаныылары оҥорон сөптөөхтүк дьаһаннылар. Үөрэхтээһин хаамыытын туһунан баһаарынай этэрээт начальнигын солбуйааччы Леонид Семенов кэпсээтэ:
— Бастакы киирии оскуола эвакуационнай ааныгар турда, байыастар үс сүһүөхтээх кирилиэһи тардан ыйыллыбыт кылаас түннүгэр таҕыстылар. Иккис — баһаарынай водоем турар миэстэтигэр тиийэн рукавы тардан киллэрдилэр. Сыллааҕы былааҥҥа киирбит биир улахан үөрэхтээһин буоларын быһыытынан, ону тэҥэ элбэх оҕолоох, үлэһиттээх улахан оскуола буолан, баһаарынай массыыналар, үлэһиттэр толору састаабынан таҕыстылар. Кыра итэҕэстэр бааллар, ол эрэн оскуола коллектива үөрэхтээһиҥҥэ бэлэмнээҕин көрдөрдө диэххэ сөп. Оттон байыастарга маннык көрүҥнээх үөрэхтээһин бэйэлэрин профессиональнай таһымнарын үрдэтэллэригэр, итиэннэ уоту умуруорууга саҥа, сонун ньымалары тобулалларыгар олус туһалаах уонна наадалаах.
This post was published on 25.10.2016 17:24 17:24