Бүгүн — ыам ыйын 5 күнэ. Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторугар уһулуччулаах бэлиэ даата. 1917 сыллаахха Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгэр Михаил Андреевич Алексеев күн сирин көрбүтэ. Кини Саха сиригэр аан бастакынан, чуолаан, Үөһээ Бүлүүгэ кииннээн, физика, математика төрүттэрин дириҥэтэн үөрэтэр кылаастары, кэлин оскуоланы тэрийбит улуу учуутал.
Михаил Андреевич Алексеев 6 сааһыттан төгүрүк тулаайах хаалан, эрэйи-муҥу эҥэрдэһэн, оччотооҕу кэм сиэринэн Сэбиэскэй былаас көмөтүнэн үөрэхтэнэн, киһи-хара буолан, бүтүн Советскай Союз, Саха сирэ билинэр улуу киһитэ буолар дьылҕаламмыта.
Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин салаатын начальнига Спиридон Борбуев:
— Кини төһө да эрэйдээх-буруйдаах олоҕу олордор, киэҥ билиитэ-көрүүтэ, тулхадыйбат модун санаата, үлэҕэ муҥура суох бэриниитэ, олоҕу уратытык көрүүтэ — ситиһиигэ тириэрдибитэ.
Кинини дьылҕата, чуолаан, Үөһээ Бүлүү улууһугар тиксиһиннэрэн олохтообута, олоҕун сүрүн кэрдиис кэмэ буолбута. Үөһээ Бүлүүгэ кииннээн, физика, математика төрүттэрин дириҥэтэн үөрэтэр кылаастары, кэлин оскуоланы тэрибитэ. Өссө 60-с сылларга профильнай (хайысхалаан) үөрэхтээһини бастакынан киллэрбит инноватор учуутал буолар.
Михаил Андреевич Саха сиригэр физико-математическай хамсааһыны көҕүлээччи уонна тэрийээччи быһыытынан ураты үрдүктүк сыаналанар. Бу сылларга саҥалыы көрүүлээх Саха сирин научнай техническэй элитата үөскээбитэ.
Билигин ити оскуола өрөспүүбүлүкэтээҕи М.А. Алексеев аатынан лицей-интерната буолан, талааннаах оҕолору түмэн, научнай кадры бэлэмниир үрдүк соруктаах.
Уруй-туску буоллун, Улуу киһибитигэр — ССРС норуодунай учууталыгар, өрөспүүбүлүкэ үгүс көлүөнэ ыччатын махталлаах Улуу Учууталыгар!