Үөһээ Бүлүү оройуонун баһылыгын быыбара сэтинньи 19 күнүгэр буолуоҕа

Үөһээ Бүлүү оройуонун баһылыгын болдьох иннинээҕи быыбара сэтинньи 19 күнүгэр ананна. Бу туһунан Саха сирин Киин быыбардыыр хамыыһыйата Үөһээ Бүлүүтээҕи ТИК бэрэссэдээтэлигэр Семен Мироновка сигэнэн иһитиннэрэр.

Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, оройуон Сэбиэтин 12 уочараттаах сессиятын кэмигэр Үөһээ Бүлүү оройуонун баһылыга Владимир Поскачин боломуочуйатын болдьоҕун иннинэ тохтоторун туһунан быһаарыыны ылыммытын чуолкайдаатылар.

This post was published on 19.09.2023 14:26 14:26