Үөһээ Бүлүү Ороһутугар Бүөтүр Тобуруокап аатын сүгэр дьоҕус паарка үөрүүлээх аһыллыыта буолла

Быйыл Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэ “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн” бырагыраамаҕа ситиһиилээхтик киирсэн, Кыайыы болуоссата уонна оҕо оонньуур былаһаакката хаттаан өрөмүөннэннэ, саҥа тэрилинэн хааччылынна. Бу туһунан «Үөһээ Бүлүү» хаһыат иһитиннэрэр.

П.Н. Тобуроков төрөөбүтэ 105 сылын көрсө Ороһу орто оскуолатын кэллэктиибэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи уустар күрэхтэрин иилээн-саҕалаан ыыппытта. Ол түмүгүнэн, Кыайыы болуоссатын ыкса турар “Выпускниктар сквердэрин”, народнай поэт айымньытын дьоруойдара киэргэппиттэрэ.

Ороһу орто оскуолатын ситиһиилээх, дьон-сэргэ болҕомтотун ылбыт бырайыага быйыл өссө киэркэйдэ. Дьоҕус-пааркаҕа Саха народнай поэта, сэрии бэтэрээнэ П.Н. Тобуруокап аатын иҥэрдилэр.

Бырайыак ымпыгын-чымпыгын “Мегаполис-19” тэрилтэ чочуйан оҥордо. Олоххо киириэхтээх бырайыак кэккэ ирдэбиллэрдээх эбит, ол курдук элбэх кыбартыыралаах дьиэ таһыгар турара уонна доруобуйатынан хааччахтаах оҕолорго аналлаах оборудованиелаах буолар диэн. Субу манна олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччы Анастасия Ильина уонна Ороһу орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала, кыраайы үөрэтээччи Сардаана Васильева күүскэ ылсан үлэлэстилэр.

«Бу сайын устата үгүс үлэ баран, алтынньы 15 күнүгэр мини-паарка үөрүүлээх быһыыга-майгыга оҕо-аймахха аанын нэлэччи арыйда.

Күммүт-дьылбыт даҕаны оҕо-аймах үөрдүн-көттүн диэбиттии чаҕылыччы туран биэрдэ. Петр Тобуруокап оҕо-аймахха анаан үгүс айымньытын суруйан хаалларбыт кыратыттан кырдьаҕаһыгар тиийэ ытыктыыр поэппыт буолар. Онон кини сырдык аата кэлэр кэнчээри ыччаппытын араҥаччылыы туруо диэн саарбахтаабаппыт, — диэн иһитиннэрдэ Уйбаан Ороһуунускай аатынан Ороһутааҕы библиотека сэбиэдиссэйэ Жанна Иванова.

This post was published on 16.10.2023 15:46 15:46