Үөһээ Бүлүү улууһугар суукка кэриҥэ айаннаан, Дьокуускайдааҕы көтөр фабрикатыттан 800 куурусса уонна Хатастааҕы сибиинньэ комплексыттан 70 төбө сибиинньэ оҕолоро кэллилэр. Киэһэ 10 чаас саҕана, курулас ардах ортото, дьон сакааһын тута ылла.
Сергей Иванов, Үөһээ Бүлүүтээҕи тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига:
— Төһө да ардах түстэр сибиинньэлэр, көтөрдөр этэҥҥэ айаннаан кэллилэр. Сайаапка быһыытынан өрүс уҥуоргу нэһилиэктэртэн Оҥхойтон, Хороттон, Мэйиктэн, өрүс бэтэрээ улуус кииниттэн, Үөдүгэйтэн, Харбалаахтан, Тамалакаантан, Балаҕаннаахтан, Намтан киирэн тутатына ылан илдьэ бардылар. Кууруссаҕа нэһилиэнньэ наадыйыыта 2000 кэриҥэ ахсааҥҥа тиийэр. Онон быйыл эрдэ ахсынньы ыйга чоппуускалары ылан, эһиил 5 ыйдаах көтөрдөрү бэйэбититтэн түҥэтэри былаанныыбыт. Оччотугар ыраах сытар, сайын суола-ииһэ суох нэһилиэктэргэ эрдэ муус устар ыйга тиэрдиэхпит. Билигин дьон дьиэтигэр олорор кэмигэр кууруссалары, сибиинньэлэри ылан көрөллөрүгэр-истэллэригэр тоҕоостоох. Бүгүн кэлбит сибиинньэ оҕолоро икки ыйдаахтар, ыйааһыннара 15-18 киилэҕэ тэҥнэһэр. Аны күһүн 80-100 киилэҕэ тиийэ эти биэриэхтэрин сөп.
Маны сэргэ 20 көҕөнү аҕалан Куорамыкы күөлгэ ыыттылар.
Максим Силигиянов, «Үөһээ Бүлүү» МТ баһылыга:
— Дьон-сэргэ кэрэхсии көрөрүгэр, оҕо-аймах аралдьыйарыгар диэн анаан-минээн 20 көҕөнү аҕалан ыыттыбыт. Уопсайынан, инникитин Куорамыкы күөлү дьон-сэргэ сынньанарыгар табыгастаах, кэрэ көстүүлээх гына оҥоруохпут. Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн, эбэ кытылынан дьаарбайарга, сүүрэргэ сөптөөх усулуобуйа тэрийиэхпит, фонтан туруоруохпут, онтон да атын былааммыт үгүс.
This post was published on 11.06.2020 11:13 11:13