Арассыыйаҕа «Өйдөбүнньүк уонна Албан аат», Саха сиригэр «Дойдуга бэриниилээх буолуу» сыллара. Улуустарга киһи кэрэхсиир тэрээһиннэрэ буола тураллар.
Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу уонна Нам оскуолаларын үөрэнээччилэрэ “Чымадаан түмэлэ” диэн Улуу Кыайыы 75 сылыгар туһуламмыт аахсыйаны саҕалаатылар. Ол курдук, дьиэлэригэр баар эһэлэрин уонна эбэлэрин чымадааннарыгар Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт хос эһэлэрин туһунан матырыйааллары мунньаллар.
Сэрии бэтэрээннэрин бойобуой мэтээллэрэ, суруктара, ахтыылара, кинилэр тустарынан тахсыбыт хаһыат, сурунаал ыстатыйалара, дьиэ кэргэннэрин хаартыскалара, наҕараадалара уо.д.а. эспэнээттэр киирэллэр. Оҕолор муспут матырыйаалларын кылаас чаастарыгар туһаналлар. Бу маннык тэрээһиннэргэ оҕо тус бэйэтэ кыттан, төрөөбүт түөлбэтин таптыырга, өбүгэлэрин үйэтитэргэ, дойдутугар бэриниилээх буоларга үөрэнэр буоллаҕа.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru Хаартыска — батсааптан.
This post was published on 07.02.2020 15:28 15:28