Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэригэр оттооһун үгэнэ

Саха сирин үрдүнэн от үлэтин үгэнэ. Сорох сирдэринэн ардах түһэн эбэтэр курааннаан оттооһуҥҥа былаан туолбат кутталлаах диэн этэллэр. Онон тыа сирин дьоно биир салаа оту хаалларбат туһугар сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка диэри мөхсөллөр.


Үөһээ Бүлүү улууһугар халлаан арыый уоскуйан, дьон бастакы кэбиһиилээх отторун туруордулар. Бу туһунан СИА уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Кристина Яковлева хаартысканан репортаһа.

Үөһээ Бүлүүттэн Емельян Афанасьев уолаттарын кытта Сургуулукка оттуу сылдьан.

Боотулуу нэһилиэгин олохтоохторо Юрий Семенович, Тамара Тимофеевна Прокопьевтар Һүгүдьээ Бэрэтигэр 4 оту туруордулар.

Быйыл оскуоланы бүтэрбит Денис Васильев Сургуулукка эһэлээх эбэтигэр оттоһо сылдьар. Кинилэр номнуо үс кэбиһиилээхтэр.

Татьяна Сергеевна Санникова оҕолоро уонна сиэннэрэ Далыр нэһилиэгин Трудовой учаастагар оттоон, биир нэдиэлэ иһигэр сэттэ оттоохтор.

Кузьминнар дьиэ кэргэттэрэ Хоро нэһилиэгин Синньигэс алааһыгар алта оттоннулар.

Кырыкый нэһилиэгэ. Аймахтыы Федоровтар уонна Васильевтар Самдьы ходуһатыгар алта оту туруордулар.

This post was published on 03.08.2016 11:48 11:48