Олунньу 21 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын аактабай саалатыгар Чурапчытааҕы физкултуура уонна спорт, култуура уонна искусство Арктикатааҕы институттарын, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын салайааччыларын кытары көрсүһүү тэрилиннэ.
Үөрэх уонна култуура биир тэтимнээх диэн санаанан салайтаран, салайааччылар 6 улууһу кэрийэн, үөрэнээччилэри кытары көрсөн, маастар-кылаастары, өй-санаа оонньууларын ыытан биһиги улууспутугар кэллилэр. Маннык киэҥ бырагыраама биһиэхэ эмиэ бара турар. Кинилэр сүрүн сыаллара – төрөөбүт төрүт буоругар туһалаах, өй-санаа өттүнэн баайдаах, бары өттүнэн дэгиттэр үлэһити иитэн-үөрэтэн таһаарыы. Ол иһин, салайааччылар кэскиллээх үлэни тэрийэргэ, туһалаах исписэлиистэри таһаарарга үлэлэһэ сылдьалларын биллэрдилэр.
Чурапчытааҕы спорт институтун ректора Иннокентий Готовцев: «Каадыр бэлиитикэтин күүскэ ыытыахха наада. Биһиги үөрэхпит кыһатыгар спортсменнары эрэ ылбаппыт. Инникитин, ыччат лидердэрин таһаарарга сорук турар. Салгыы лабораториялаах наука киинин арыйыахпыт. Онон, выпускниктарбыт бары өттүнэн дэгиттэр буолалларын ситиһиэхтээхпит», – диэн этэр.
Оттон Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Спиридон Борбуев: – Тыа сирин улуустарыгар саамай наадалаах үөрэх тэрилтэлэрэ сырыттылар. Спорт, култуура уонна тыа хаһаайыстыбатын кыһалара бары үөрэҕи өрө тардар туһугар кэллилэр. Оҕолор, учууталлар астынан, уларыйыыны билэн бардылар. Үөрэх улахан үс тэрилтэтэ маннык сылдьыбыттара олус үчүгэй, көдьүүһэ улахан. Эһиил эмиэ кэлэллэрэ буоллар бэрт этэ. Оҕолор ханнык идэни талыахтаахтара 5 кылаастан биллэн барар. 7 кылаастан анаан дьарыктанан барыахтаахтар, 9 кылааска идэлэлэрин талыахтаахтар. Төрөппүттэр уонна оскуола оҕо идэни талыытыгар эрдэттэн болҕомтону күүскэ ууруохтаахтар, – диэн көрсүһүү түмүгүнэн санаатын үллэһиннэ.
This post was published on 22.02.2018 14:10 14:10