2022 сылга үбүлүөҋдээх Олоҥхо ыһыаҕа Үөһээ Бүлүү улууһугар буолар. Билигин миэстэтигэр онно бэлэмнэнии тэтимнээхтик ыытыллар. Тутуу үлэтэ ньиргийэ турар. Бүлүү өрүс үрдүгэр Түгэхтэй алааһыгар билигин түөрт биригээдэ үлэлиир.
⠀
Үөһээ Бүлүүгэ эһиилги Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнэн дьон сынньанар, аһыыр сирэ 12 хорчуоппа, элбэх кэрэ көстүүлээх сэргэлэр, ураһалар, күнү көрсөр сир уонна Аал луук Мас тутуулара бара тураллар.
⠀
Араас улуустартан баай уопуттаах элбэх дьоһун тутууну оҥорбут биригээдэлэр кэлэннэр, ыһыахтыыр түһүлгэни күн ахсын киэркэтэн, тупсаран иһэллэр. Тутуу маһын өрөспүүбүлүкэбит араас сирдэриттэн Амматтан, Намтан, Ленскэйтэн, Ньурбаттан, Дьокуускайтан тиэйэн аҕалбыттар. Тааттаттан сылдьар биригээдэ үлэтин саҕалаабыта ый аҥаара буолла, кинилэр Аал луук Мас тутуутугар аныгылыы технологиялары туһаналлар.
⠀
Түгэхтэй алааһа Бүлүү өрүс биэрэгин үрдүгэр аһаҕас сиргэ турар буолан, күнү көрсөр түһүлгэттэн олус кэрэ көстүүлээх, ол балаһаҕа билигин Нам биригээдэтэ үлэтин ортолоото.
⠀
Маны таһынан ааспыт сылтан Кэнтиккэ эмиэ улахан тутуулар ыытыллаллар. Чап Уустарынан аатырбыт нэһилиэккэ ыһыахтыыр сиргэ үрүҥ ааннарын ойуулаан-бичиктээн, туспа остуоруйалаан тимиринэн оҥорбуттар. Саҥа ураһалар, олорон сынньанар миэстэлэр номнуо бэлэмнэр. Ону тэҥэ 17 миэстэлээх Уус түһүлгэтэ түмүктэнэн эрэр.
⠀
Ыһыахтыыр түһүлгэҕэ киирии суоллар аспаалланан, кутуу суола дыргыйда, суруйда Валерия Золотарева, Александр Адамов, «Хотун Бүлүү» ТВ.
This post was published on 30.09.2021 11:01 11:01