Үөһээ Бүлүүгэ быйыл сайын ХV-с Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар. Олохтоохтор өрөгөйдөөх дьаһалы дьоһуннаахтык көрсөргө бэлэмнэнэллэр. Бэҕэһээ тэрээһин буолара 100 хонук хаалбытын бэлиэтээтилэр.
Үөһээ Бүлүү улууһугар сайын буолар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үгэнэ. Бэҕэһээ дьаһал буолара 100 хонук хаалбытын араас тэрээһининэн бэлиэтээтилэр.
«Алгыс» банкетнай саала сандалытыгар саха төрүт аһын эгэлгэтэ тэлгэннэ.
«Олоҥхо дойдутун маанылаах сандалыта» быыстапка-дьаарбаҥка хас биирдии саха куттаах киһи сүрэҕин ортотунан киирэн, олус көхтөөхтүк ыытылла турар.
Хаартыскаҕа «Саха ыалын бастыҥ аһа — саламаат» маастар кылаас түгэннэриттэн диэн суруйда Валентина Догоюсова, t.me/uoheebuluu/75
Дьон сахалыы таҥастарын кэтэн-симэнэн, түмсүүлээхтэрин, бары бииргэ Олоҥхо ыһыаҕын уруйдуу көрсөллөрүн көрдөрө-кэпсии уулуссаларга таҕыста.
Бу күн Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр аттар параадтара буолла.