Бүгүн, кулун тутар 13 күнүгэр, Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр мусуой балаҕаныгар Үөһээ Бүлүү улууһун күннэрин бэлиэтиир тэрээһинэ буола турар. Кирилл Никонович Никифоров – Лөкөчөөн «Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн» олоҥхотуттан быһа тардан тифло-испэктээги аан маҥнайгынан Саха Сиригэр көрдөрүүтэ буолла.
“Душа России” бириэмийэ лауреата, чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ 29 төгүллээх чөмпүйүөнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык сүбэтин бочуоттаах кырдьаҕаһа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, спорт бэтэрээнэ, олоҥхоһут, алгысчыт, эмчит, байанайдаах булчут, норуот маастара, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Санкт-Петербурга, Казахстаҥҥа, Америкаҕа, Киргизияҕа, Москваҕа, Японияҕа, Калифорния штатыгар ыытыллыбыт Аан Дойдутааҕы фольклорнай конгресстар кыттыылаахтара, Ытык кырдьаҕас Кирилл Никонович Никифоров – Лөкөчөөн «Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн» олоҥхотуттан бастакы чааһын Үөһээ Бүлүү улууһун кииннэммит бибилэтиэкин үлэһиттэрин күүстэринэн тифло-испэктээкилин көрдөрүүтэ буолла.
Кылаабынай туруорааччы Дария Павлова, Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотека үлэһитэ.
Наталья Петрова, О.Д.Федорова аатынан бибилэтиэкэ дириэктэрэ:
— Бүгүҥҥү туруоруубут бэһис испиктээкпит буолар. Дьон-сэргэ олус сөбүлүүр, көрөр да, сэҥээрэн кэлээччилэр. Хараҕынан көрөр киһи маннык тифло-испиктээккэ сылдьан, олоҕу сыаналыыра, суолтатын өйдүүрэ дириҥиир дии саныыбын.
Харахтарынан көрбөт уонна мөлтөхтүк көрөр ыалдьыттарга бу олус үчүгэй бэлэх буолла. Мустубут дьон балтараа чаастаах олоҥхону биирдэ миэстэлэриттэн турбакка, биир тыынынан көрдүлэр.
Көрөөччү Зоя Колодезникова:
— Ааптар Кирилл Никифоров тыла ууһун, мандарын сөҕүөхпүн сөхтүм. Алаадьы сыта сүрэҕим ортотунан наһаа минньигэстик киирдэ. Олус тиритэн, тыал түспүтүгэр титирэччи тоҥон да ыллым. Үөһээ Бүлүү улууһун бибилэтиэкэтин үлэһиттэригэр маннык долгутуулаах түгэни биһиэхэ, көрбөттөргө, бэлэхтээбиттэригэр ис сүрэхпиттэн махтанабын. Инникитин бу саҕалааһыннарын бырахпакка, сириэдийэ сайдан иһэллэригэр баҕарабын. Өссө биирдэ манна, Дьокуускайга кэлэн атын айымньыны тифло испэктээк гынан көрдөрөллөрө буоллар, оо, үөрэ-көтө тиийиэхпит!
Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр бибилэтиэкэлэрин үлэһитэ Светлана Пухова:
— Бүгүн сыты-сымары олус үчүгэйдик биллим, абааһы уолун Адалҕа Буурай сытын кытта ылан, этим сааһа аһылынна. Сытыйбыт тайах этэ эбит, испиктээк бүппүтүн кэннэ кэлин биллибит. Маннык тифло-испэктээк биһиэхэ Саха Сиригэр сайда илик, ону Үөһээ Бүлүү бибилэтиэкэтин үлэһиттэрэ саҕалааччы уонна баһылааччы быһыытынан дириҥник сыаналаналлар.
Чахчыта даҕаны, оннооҕор, биһиги, чаҕылхайдык көрөр дьон, олус ылларан туран олоҥхону иһиттибит. Истибиттээҕэр көрбүт ордук диэн мындыр этии бу түгэҥҥэ атын өрүтүн ырылхайдык көрдөрдө. Анал ачыкы кэтэн, харахпытын хам симэн, тугу барытын умнан, кыырай ыраахха — омуннаах-төлөннөөх олоҥхо дойдутугар көтөр — сахабын дэнэр киһиэхэ солбуллубат иэйии биир көрүҥэ.
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын дириэктэри солбуйааччыта, литературнай чаас сэбиэдиссэйэ Надежда Павлова:
— Олоҥхо көрбөт дьоҥҥо ордук тиийимтиэ курдук саныыбын. Биһиги тыйаатыр өттүнэн көрөбүт. Тыйаатыр үлэһиттэрэ көрөрбүтүн ордоробут. Биһиги эмиэ маннык хайысхаҕа үлэлиирдии былаанныыбыт, ол иһин бүгүҥҥү олоҥхону олуһун сөбүлээн, интэриэһиргээн көрдүбүт.