Эдэр ыччаты көхтөөх сынньалаҥҥа көҕүлээн, Улуу Кыайыы 77 сылыгар анаан, Хоротооҕу модельнай библиотека уонна Хоро орто оскуолатын библиотеката “Кыайыы суола” диэн ааттаах авто-квест тэрийэн ыытта. Викторина ыйытыыларыгар эн эмиэ бэйэҕин холонон көрөргөр тэрийээччилэр ыҥыраллар.
“Кыайыы суола” квестка түөртүү киһилээх үс хамаанда кыттынна. Олохтоох библиотекаҕа регистрацияланан, экскурсиялаан баран “Старт!” биллэриллибитигэр, хамаандалар ыстаансыйаларынан айаннаатылар.
Уопсайа 10 бэлиэтэммит сиринэн сылдьан, араас ис хоһоонноох сорудахтары толордулар.
Тиһэх ыстаансыйаҕа, кулуупка, 3 түмүктүүр куонкуруһу аастылар:
1) Аҕа дойду сэриитигэр аналлаах викторина;
2) Ырыа күрэҕэ (ханнык хамаанда элбэх сэриигэ сыһыаннаах ырыа билэр эбитий);
3) “Крокодил” хапытааннар куонкурустара– хамандыырдар ыйыллыбыт бириэмэҕэ тыл көмөтө суох мимиканан, илиилэринэн-атахтарынан көмөлөһүннэрэн, хамаандаларыгар сэрии тематыгар киинэни таайтарыахтаахтар.
Квестка бастакынан кэлбит хамаандаҕа уонна массыына киэргэтиитигэр эбии баал ааҕыллар.
Түмүккэ бастакынан кэлбит, массыыната ордук киэргэтиилээх уонна ыстаансыйаларынан сорудахтарын үчүгэйдик толорбут “Доҕордуулар” хамаанда (хам. Васильев Алексей, Иванов Андриан, Машникова Мария, Евсеева Виктория) 1 миэстэни ылла. Кинилэртэн икки баалынан хаалан, викторинаҕа уһулуччу көрдөрүүнү биэрбит, “Victory” хамаанда (хам. Оконосов Егор) 2 миэстэ буолла, 3 бочуоттаах миэстэни “Сэрии сиэннэрэ” (хам. Чурукова Ньургуйаана) ылла.
Бу тэрээһини өйөөбүт, күүс-көмө буолбут Яковлева Татьяна Николаевнаҕа, Слепцов Сергей Гаврильевичка, А.Д.Филиппов аатынан култуура тэрилтэтин үлэһиттэригэр уонна кыттааччыларбытыгар махталбытын тиэрдэбит, диэн тэрийээччилэр Үөһээ Бүлүү улууһун телеграм-ханаалыгар суруйдулар.
Квестка ыытыллыбыт викторинаҕа кыттан, билиигин тургутан көр⤵️
https://onlinetestpad.com/yd64jznjd4ufc
This post was published on 12.05.2022 17:01 17:01