Үөһээ Бүлүү хоролоро иһэр уулара ырааһырда

Ааспыт күһүн Үөһээ Бүлүү Хоротугар улахан кыамталаах уну ыраастыыр ыстаансыйа үлэҕэ киирбитэ. Бу улууска бастакы эбийиэк буолар.


Хоротооҕу олохтоох дьаһалта көмөтүнэн уулаах бутыллар олохтоохторго босхо түҥэтиллибиттэрэ.

Ыстаансыйаҕа оператор Мария Гаврильевна Герасимова үлэлиир. Саас өрүс мууһа хамсаатаҕына эбийиэк толору кыамтатынан үлэлиэ диэн эрэнэбит.

Дьаһалта көҕүлээһининэн (баһылык Семен Чиряев) нэһилиэнньэттэн харчы хомуйан, эбии дьаһалта үбүлээн, саҥа уу баһар массыыналанныбыт. Онон хоролор кэлэр саас Бүлүү эбэ мууһуттан ыраастаннаҕына — ыраас ууну иһэргэ, туттарга толору бэлэмнээх олоробут.

Ааптар: Дьулусхан. https://ulus.media/2020/02/10/horolor-yraas-uunu-i-eller/

This post was published on 10.02.2020 14:32 14:32