22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт "Үрүҥ түүн" ырыа куонкуруһун кыайыылааҕынан Владимир Васильев буолла

17:17, 06 июня 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэс ыйын 3-4 күннэригэр үтүө үгэскэ кубулуйбут регионнааҕы «Үрүҥ түүн» эстраднай ырыа күрэҕэ Үөдүгэйдээҕи «Иэйии» сынньалаҥ киинигэр ыытылынна. Күрэх бастакы түһүмэҕэ ыраас халлаан анныгар, сынньалаҥ киин тэлгэһэтигэр буолан, кыттааччылары, ырыа сүгүрүйээччилэрин түмпүтэ. Оттон гала-концерт сарсыныгар тэрилиннэ.


Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын солбуйааччы Спиридон Борбуев: ««Үрүҥ түүн» ырыа күрэҕэ Үөһээ Бүлүү «визитнай карточката» буолар. Бу күрэхтэн эдэр дьон кынаттанан тахсыбыттара, ааттара биллибитэ», — диэн эттэ.

Гала-концерка  11 ырыаһыт кыттыыны ылла, ырыа кэрэ алыбар уйдаран, хас биирдии кыттааччыны сэргии иһиттибит, ытыс дохсун тыаһынан көрүстүбүт. Түмүккэ, анал ааттар туттарылыннылар, ол курдук «Күрэх арыйыыта» — Балаҕаннаах нэһилиэгиттэн Сардаана Петрова, «Кэскиллээх ырыаһыт» — Быракаантан Татьяна Баянаева, «Бастыҥ авторскай ырыа» — Өргүөттэн Анна Иванова, «Кэрэ куолас» — Сунтаар улууһун Маар Күөл нэһилиэгиттэн Кристина Соколова буоллулар. «СМС-куоластааһын» кыайыылааҕынан Владимир Мачахтыров таҕыста. 1-кы степеннээх дипломанынан Үөдүгэйтэн Андрей Иванов, 2-с степеннээх дипломанынан Тамалакаантан Ньургустаан Бабаранов, 3-с степеннээх дипломанынан Өргүөттэн Владимир Мачахтыров буоллулар. 1-кы степеннээх лауреатынан Быракаантан Василий Ымыков, 2-с степеннээх лауреатынан Хороттон Наталья Иванова, 3-с степеннээх лауреатынан Дүллүкүттэн Вячеслав Константинов буолан үөрдүлэр-көттүлэр.

Күрэх түмүгүнэн, Гран-при үрдүк аатын, маны сэргэ «Көрөччүлэр биһирэбиллэрин» ылбыт Үөһээ Бүлүү олохтооҕо, реабилитационнай киин үлэһитэ Владимир Васильев ылла. «Устудьуоннуу сылдьан ыллаан саҕалаабытым, ХИФУ хоругар киирэммин ырыаҕа холоммутум. Алексей Калининскай ансаамбылыгар ыллаабытым, кини сүбэлээбит ырыаларын толоробун. Күрэххэ кыттар олус долгутуулаах эбит, икки күнү быһа долгуйдум. Кыттааччылар күүстээхтэр, тыҥааһыннаах киирсиигэ сылдьабыт. Оҕо эрдэхпиттэн «Үрүҥ түүн» куонкуруһу ыһыах иннинээҕи саамай улахан тэрээһин дии санааччыбын, кыра сылдьан пааркаҕа концерт көрө барарбытын өйдүүбүн. Дьон-сэргэ миигин сөбүлээн истибитэ, сэҥээрбитэ олус үчүгэй, салҕыы ыллыырбар күүс-уох биэрэр», — диэн санаатын үллэһиннэ кыайыылаах.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА