Үөһээ Бүлүүгэ суолу оҥоруу салҕанар

Үөһээ Бүлүү сиригэр-уотугар күһүн устата Бүлүү өрүскэ киирэр федеральнай суолга үгүс үлэлэр ыытылыннылар.


Суол үлэтин ылсыбыт «Хаҥалас суоллара» тэрилтэ суол кытыытынааҕы ханаабаларга бөҕөргөтүү үлэтин ыыттылар, уу ааһарыгар турба уктулар уонна суол устатын биир тэҥ иэннээн, үрдэтэн биэрдилэр.

Алтынньы 6 күнүгэр суолу оҥорор тэрилтэ 5 үлэһитэ суолга халыҥ бүрүөһүнү ууран саҕалаата. «Биһиги халыҥ бүрүөһүнү уурааһыҥҥа үлэлии кэлбиппит биэс күн буолла. Уопсайа 6 км 800 м уһуннаах суолу оҥорууга каток, укладчик, грейдер, 2 самосвал үлэлиир. Халыҥ бүрүөһүнү эрдэ тиэйэн аҕалан туруорбут тэрилтэбит асфаллыыр-бетоннуур собуотугар оҥоробут. Халлаан тымныыта мэһэйдиирэ буолуо да буоллар, хайдах гыныахпытый, үлэлиибит», — диэн кэпсээтилэр үлэһиттэр.

This post was published on 07.10.2016 16:56 16:56