Үөһээ Бүлүү улууһугар атырдьах ыйыгар саҥа балыыһа комплекса арыллыбыта. Икки операция ситиһиилээхтик оҥоһулунна.
Саҥа балыыһа хирургическай отделениетын сэбиэдиссэйэ, СР доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үрдүкү категориялаах хирург врач Николай Сивцев, хирург-быраас Иван Федотов уонна операционнай биригээдэ: реаниматолог, анестезиолог быраас Семен Валентинович, уопуттаах операционнай сиэстэрэ Марианна Афанасьева буоланнар, бу ыйга утуу-субуу саҥа ньыманан икки операцияны ситиһиилээхтик оҥордулар.
– Балаҕан ыйын 13 күнүгэр бастакы былааннаммыт операциябытын – 86 саастаах буутун унуоҕа тостубут ыарыһахха штив-заблокирование туруордубут. Ол аата, сахалыы быһаардахха, рентген нөҥүө курдары көрөн туран, кыра дьөлөҕөһүнэн тостубут уҥуох иһигэр киирэн, тимир угуллар уонна икки өттүттэн – үөһэнэн, алларанан туттарыллар. Ыарыһах этин-сиинин хайыппакка, хаан-сиин таһаарбакка эрэ. Маннык операцияны сото, буут уҥуоҕар оҥоруохха сөп, оччоҕо гиипсэ ууруллубат. Ыарыһах 2-3 күнүнэн атаҕар туруон сөп. Бу медицинаҕа саҥа ньыма буолар. Штив-заблокирование Саха сирин үрдүнэн биһиги улууска уонна Дьокуускай куоракка травматологическай отделениеҕа эрэ оҥоһуллар кыахтаах. Ньурбаҕа, Мирнэйгэ, Мэҥэ-Хаҥаласка филиаллар бааллар эрээри, инструменнара суох буолан, маннык операцияны оҥорботтор, – диэн кэпсээтэ Николай Сивцев.
Урукку сыллары ылан көрдөххө, улууска сылга 700-чэ араас операция оҥоһуллара, онтон 100-чэтэ травматология өттүнэн буолара. Билигин маннык операцияны оҥорор буолуллубутун кэннэ, сыыппара арыый да намтыырыгар эрэл үөскүүр.
Онтон балаҕан ыйын 15 күнүгэр саҥа ньыманан иккис операция — үөскэ лапараскопическай операцияны – ситиһиилээхтик ыыттылар. Маннык операцияны республика бастыҥ клиникаларыгар — Дьокуускай куоракка медицинскэй кииҥҥэ, республиканскай балыыһаҕа уонна Нам, Мэҥэ-Хаҥалас улуустарыгар оҥороллор. «Лапароскопия диэн ыарыһах этин-сиинин алдьаппакка, кыракый хайаҕаһынан киирэн, ыалдьыбыт эттиги ылыы диэн өйдүөххэ наада. Бу сырыыга сантиметр аҥарын кэриҥэ кээмэйдээх үс проколу оҥорон киирэн, үөһү ылан бырахтыбыт. Урукку өттүгэр үөһү ылаары киһи иһин ортотунан хайытан баран, оҥорор буоларбыт. Билигин, үс хайаҕаһынан курдары оҥорор буолбуппут кэнниттэн, ыарыһах түргэнник реабилитацияланар уонна сарсыҥҥаттан туран хааман барыан сөп. Уопсайынан, үөс тааһа билигин наһаа элбэх: дьахтар үс гыммыт биирэ уонна эр дьон аҥарын кэриэтэ мантан эрэйдэнэллэр», – диир хирург.
This post was published on 21.09.2016 11:11 11:11