Үөһээ Бүлүүгэ сүҥкэн суолталаах хартыына сүрэхтэннэ

Бэҕэһээ, муус устар 26 күнүгэр, Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө Үөһээ Бүлүү историятыгар көмүс буукубанан суруллар үтүө тэрээһин  буолан ааста.  Ол курдук, Арассыыйа худуоһунньуктарын сэбиэтин уонна Арассыыйа худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ Федот Макаров саха норуотун чулуу уолаттара — Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов тэрийбит саха норуотун бүттүүнүн бастакы учредительнай Сэбиэттэрин сийиэһин кыттыылаахтарын кытта түспүт  тугунан да кэмнэммэт улахан суолталаах хаартысканы уруһуйдаан үйэлэргэ үйэтиппит хартыынатын Исидор Барахов төрөөбүт төрүт дойдутун дьонугар-сэргэтигэр бэлэхтээтэ. Мустубут дьон ытыстарын тыастарын доҕуһуолунан Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин уонна  худуоһунньук Федот Макаров эркин саҕа болотуна-хартыына сабыытын арыйдылар.

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Владимир Поскачин эҕэрдэ тылыгар: “Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр маннык улахан  суолталаах хартыына оҥоһуллубута махталлаах дьыала,  суолтатын үрдэтэн биэрэр аналлаах. Хартыына эһиил уһулуччулаах уолбут Исидор Барахов төрөөбүтэ 125 сыллаах үбүлүөйүгэр Харбалаахха судаарыстыбаннас саҥа мусуойа тутуллан үлэҕэ киирдэҕинэ,  анал эркиҥҥэ туруоҕа. Түгэнинэн туһанан, Федот Макаровка Үөһээ Бүлүү олохтоохторун ааттарыттан ис сүрэхпиттэн махтанабын. Айар үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!”, —  диэтэ уонна Чап уустара оҥорбут саха быһаҕын бэлэх уунна.

Арассыыйа худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, хартыына ааптара Федот Макаров: “Былырыын баччаларга кэлэн, улуус салалтатын кытта көрсөн, бииргэ былааннаабыппыт түмүгэр, бу үлэ саҕаламмыта.  Бу иннинэ чулуу дьоммут мөссүөннэрин көрдөрөр хартыына тоҕо суоҕуй диэн дьиктиргиир этим. Саамай сүрүнэ,  Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр түмүктээбиппиттэн олус диэн астынным, үөрдүм. Этэргэ дылы, туох баар өйбүн-санаабын биэрэн туран үлэлээтим, хата, барыта табыллан оҥоһуллан испитэ. Түгэнинэн туһанан, Үөһээ Бүлүү ытык-мааны олохтоохторун өрөспүүбүлүкэбит 100 сыллаах үбүлүөйүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!”, — диэн санаатын үллэһиннэ.

Александр Тарасов
edersaas.ru

This post was published on 27.04.2022 14:56 14:56