Үөһээ Бүлүүгэ "Үс хатыҥнар" оҕо былаһааккаланнылар

Улууска аан бастакынан Үһүс Билиилээх «Үс хатыҥ» түөлбэтин олохтоохторо бэйэлэрин күүстэринэн оҕо былаһааккатын тутан, үөрүүлээхтик арыйдылар.


Үөрүүнү үллэстэ оҕо-аймах тоҕуоруһа муһунна, кинилэргэ анаан толору астаах-үөллээх бырааһынньык остуола тардылынна. Кэнсиэр көрдөрүлүннэ.

6-с кылаас үөрэнээччитэ Никита Омукчанов эмиэ бу үөрүүлээх күҥҥэ кэлбит. Дьиэбититтэн чугас оонньуур былаһаакка арыллыбыта наһаа үчүгэй. Кини былаһаакка тутулларыгар бэйэтэ илии-атах буолан эр дьону кытта мас таһыытыгар, бөх-сыыс ыраастааһыныгар көмөлөспүт. «Ханна да ырааппака чугас оонньуур сирдэннибит, дьоммутугар да үчүгэй. Манна табаарыстарбын кытта өссө арыллыан инниттэн кэлэн оонньооччубут. Наһаа үчүгэй былаһаакка, барыта баар, киһи эбэрэ суох курдук«, – диэтэ кини.

Вячеслав Сидоров, төрөппүт:

Үс сылааҕыта дьиэ туттан, «Үс Хатыҥ» олохтоохторо буолбуппут. Кэргэмминээн уоллаах кыыс оҕолоохпут. Төрөппүт оҕотугар дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтиэхтээх диэн кэргэмминээн биир санаалаахпыт. Былаһаакка тутулларын истэн наһаа үөрбүппүт. Хас күн аайы үлэ чааһын кэннэ мустан олохтоохтор субуотунньуктуур этибит, аккаастаммыт киһини билбэппин. Бары түмсүүлээх буоламмыт, ким сололооҕунан, солбуйсан үлэлээтибит. Үлэ да буолбатах буоллаҕа, бэйэтэ бырааһынньык курдук буолааччы, үөрэ-көтө үлэлиир киһини көрөр санааҕа да астык буоллаҕа. Итиэннэ олохтоохтор доҕордуу сыһыамыт эбии бөҕөргөөтө дии саныыбын. Түмсүүлээх буоллахха – туох барыта кыаллар! 

Евгения Поскачина, «Үс Хатыҥ» түөлбэ салайааччыта ыаллыылар кыттыгас дьаһалларын туһунан маннык кэпсиир:

Түөлбэбит 2011 сыллаахха тэриллибитэ. Аан бастаан бэйэбит күүспүтүнэн суолбутун оҥостубуппут. Ардах түстэҕинэ техника тиийбэт суоллаах этибит, наһаа эрэйдэммиппит. Онтон мунньахтаан, сүбэлэһэн баран ойууру солон, трассаттан быһа суол оҥостубуппут. Суол оҥоруутугар хас биирдии ыал иккилии тыһыынчаны кыттыспыппыт. Үлэлээбэтэх ыал диэн суох. Суол куһаҕан эрдэҕинэ массыынабытын ойуур саҕатыгар туруоран баран сатыы хаамар этибит. Билигин бары кэриэтэ кыра массыыналаахпыт. Уопсайынан олохтоохторум наһаа маладьыастар, үлэ буолла да үөрүүнэн мустабыт, бииргэ үлэлиирбитин наһаа сөбүлүүбүт. Онон ыалларбар махталым тылынан этиллибэт.

Евгения Георгиевна кэпсииринэн, сыл аайы ыал ахсаана эбиллэ турар, билиҥҥитэ 70-ча ыал баар. Ааспыт сыл улууска түөлбэ сылынан биллэриллибитигэр «Үс хатыҥ» олохтоохторо Манчаары спартакиадатын фондата туруорбут 70 тыһыынча суумалаах Гранын кыайбыттара. Онно эбии биирдии тыһыынчаны кытыһан, оҕо аймахха анаан оонньуур былаһаакка тутуохха диэн быһаарыммыттар. Грант харчытынан буор куттарбыттар, остуолбалар мастарын эр дьон кэрдибиттэр. Былаһаакка хачыалын, турниктарын, ыскамыайкаларын, песочницатын барытын олохтоохтор оҥорбуттара диэн киэн тутта кэпсээтэ.

«Үс хатыҥнар» эһиилгиттэн оҕолоругар, ыччаттарга анаан футбол былаһааккатын тутуутун саҕалыахтара.

This post was published on 22.09.2016 15:29 15:29